Page 30 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 30
Хотоҕойун түүтэ куорсуннаах,
Аан ийэ дайды
Айыллыаҕыттан ыла
Аалыы таас аркыымалаах,
Хаччы сотолоох,
Харыс бытыктаах
Киһи кинээһин,
Килбиэннээх бэрдин,
Үөһээ үтүөтүн,
Үөрэхтээх бастыҥын
Сээркээн Сэһэн оҕонньору,
Куорсун илбис төрдүгэр
Кулут кыыс буол диэннэр
Сэпдьигирэй Маҕан кыыһы
Кыйыра уста турар
Кыһыл кумах кыдьымахтаах,
Ньуурун көрдөрбөтөх
Ньудьулу уот байҕал
Холоруктуу ытылла олорор
Хотугу ойоҕоһугар,
Түп өлүү төрдүгэр,
Түҥ ойуур иһигэр,
Көҥдөй төҥүргэс үүтүттэн
Көйө көтөн тахсар
Бургунас муоһун курдук
Бур-бур буруолаах
Симилэх төрдүгэр,
Сир иһигэр
Орто туруу дойдуга
Олохтообуттар эбитэ үһү…
Тыалынан
Тымыыттыбыт,
Хаарынан
Хаһыыттыбыт,
Ойон тахсар күннээх,
Охтон баранар мастаах
Орто туруу дойдуга
Оройунан оонньуур,
Ортотунан курданар
Отут биэс биис ууһугар —
Икки атахтааҕы,
Иннинэн сирэйдээҕи,
30