Page 35 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 35

4.  Ньургун Боотур уонна
Тимир Дьигистэй охсуһууларыттан
Аллараа дойду эмсэҕэлээһинэ

    Кинилэр диэтэх бэйэлээхтэр
Киирсибиттэрин кэннэ,
Ол одурууннаах улуу дойду
Оһоллоох оройун үрдүгэр
Оһол уола орулаата,
Илбис кыыһа иэрийдэ,
Иитэ-саҕата биллибэт
Иирээн-иэдээн буолла,
Ириэнэх буору
Иэччэхтэригэр диэри
Ибили кэстилэр,
Тоҥ буору
Тобуктарын ортотугар диэри
Тоҕо кэһэн кэбистилэр…
Оппуоһун туттарбатах,
Оломун булларбатах,
Улаҕата көстүбэтэх,
Уҥуоргута биллибэтэх
Уот Кудулу байҕалга
Алдьархайдаах аллараа дойду
Аҕыс тараҕай дьааҥыларын
Харыа курдук
Хампы тэпсэн,
Кумах оҥорон
Курулаччы куттулар,
Өһөгөйдөөх өлүү уута
Өттүктэрин баһыгар дылы
Өрө дэбилийэн таҕыста,
Аллараа дойду
Аҕыс тараах дьүһүннээх
Тимир дьирики балыктара
Тиэрэ ытыллан тахсаннар,
Тиҥсири тимир тииттэригэр
Ханьыыларыттан хаптаран
Хардырҕаһа сыттылар,
Улуйар куоластаахтара,
Уһуктаах тиистээхтэрэ,
Ураанньыктаах сүүстээхтэрэ,
Уоттаах харахтаахтара

                                 35
   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40