Page 34 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 34

Улуутуйар Улуу тойон аҕалаах,
           Уораан-аараан Хотун Куохтуйа ийэлээх,
           Уолугунан айахтаах
           Уоҕан хаан биистэрэ
           Өһөгөйдөөх өһөх хаан харахтарынан
           Өҥөйөн көрөн бараннар,
           Сөпсөөтөхтөрө буоланнар
           Сөкүс-сөкүс ойоннор,
           Сүөдэс-сүөдэс көтөннөр,
           Дьоллоох туналы маҕан ньуурун
           Тобуктарын ортотугар диэри
           Тоҕо кэһэллэр эбит,
           Хоту хоромньулаах халлаан
           Холоруктаах кунуһуттан
           Хоройо көтөн тахсаннар,
           Алдьархайдаах аллараа дойду
           Арбаҕастаах Арсан Дуолай аҕалаах,
           Адаҕалаах Ала Буурай ийэлээх
           Аҥааттар Аан Дьааһын аймахтара,
           Оҕуруктаах оҕолоро
           Орто туруу дойдуга
           Үс күлэр ньүкэн түгэҕиттэн
           Үтүөхтэһэ ойон тахсаннар,
           Түгэх дойду түөкүттэрэ,
           Түптүр үтүгэн бэттэрэ,
           Дириҥ дойду дьирбиттэрэ
           Дьэбилгэннээх дьэбин харахтарынан
           Дьэбидиччи көрөн бараннар,
           Хайҕаатахтара буоланнар
           Хаардаах харыйа саҕа күтүрдэр
           Баһыах-баһыах ойоннор,
           Барыс-барыс көтөннөр,
           Кэпсэлгэ киирбит кэтит киэлитин,
           Кэскиллээх кэрэ ньуурун
           Алдьархайдаах атахтарынан
           Алдьата оонньуур эбиттэр…

          Тылбытын байытабыт

       Көхсүттэн тэһииннээх  — айыылартан көмүскэллээх.
       Күн өркөн ууһа  — орто дойду дьоно.
       Дьэбилгэннээх дьэбир харахтарынан — өстүйбүт харахтарынан.

34
   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39