Page 33 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 33

Уйаар-куйаар толоонноох
Улуу дойду буолан,
Кылана олорор илбистээх,
Кытара умайар саталаах
Кыладыкы эбэ хотун диэн
Кылана-кылана кыырыктаах үҥүүнэн
Кыргыһа оонньуур кындыа таас кындаллардаах,
Оройдоох-чэчэгэйи оҕуруктаах чомпонон
Орулуу-орулуу ойбонноһо оонньуур
Очуос таас тумуллардаах,
Буор сиргэ буулаҕатын булларбатах
Буулаҕа бухатыыр киһи
Олохсуйан олоруор
Оҥоһуулаах дойду эбит…
Былыргы былдьаһыктаах дьылларым
Быһылааннаах быраман мындаатыгар,
Алдьархайдаах ааспыт дьылларым
Арахсыылаах анараа таһаатыгар,
Урукку охсуһуулаах дьылларым
Уораҕайдаах улаҕа өттүлэригэр,
Урааҥхай саха
Удаҕан уҥуохтаах,
Икки атахтаах,
Ичээн эттээх,
Көхсүттэн тэһииннээх,
Көмүскэс сүрэхтээх
Күн өркөн ууһа
Көрбүөччү харахтаах эрдэҕинэ,
Үөтүүлээх Өкө Буурай үтүөлэрэ
Үөрбэйэ көтөр күннэригэр,
Алдьархайдаах Ака Буурай ааттаахтара
Арбайа сүүрэр дьылларыгар,
Көстүбэт бииһин уустара
Көҕөрө көтөр эрдэхтэринэ,
Кылана улуйар илбистээх,
Кытара кырбаһар саталаах
Кыладыкы эбэ хотуҥҥа —
Иринньэҕирэн үөскүүр
Икки атахтаах
Иэримэ дьиэни
Иччилээбэт диэххэ айылаах —
Соҕуруу соххор холорук халлаан
Содуомнаах соллоҥ мэнэгэй бииһин уустара,

                                                                                                                  33
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38