Page 32 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 32
Аат ааттаан,
Айах тутан
Хоолдьуктаах бэйэтэ
Хоҥкулдьуйар буолбут эбит…
Тылбытын байытабыт
Үөтүүлээх үс биис уустара — өлбөт тыыннаах бастакы биис
уустара.
Содуомнаах — иирээннээх.
Соллоҥ — иҥсэлээх.
Соҕуруу соххор холорук халлаан — үөһээ дойду абааһыларын
дойдулара.
Үс күлэр ньүкэн үтүгэн — Арсан Дуолай баһылыктаах аллараа
дойду абааһыларын дойдулара.
Сарыы — үчүгэйдик имитиллибит таба тириитэ.
Үргүүк хаҥылы, бүтэй туйахтааҕы — сылгыны.
Сири иһит — тирии иһит.
Кэһэхтэрин — оноҕосторун хаатын.
Кытыт биэ — иккилээх-үстээх тыһы сылгы.
Аалыы таас аркыымалаах — тааска суруктаах.
3 . Орто уонна Аллараа дойдулар
олохтоохторун атааннаһыылара
Маннык бэйэкэлээх
Мааны мандардаах,
Баттаан көрдөр маталдьыйбат
Барҕа баараҕай таһаалаах,
Үктээн көрдөр өҕүлдьүйбэт
Үрдүк үөбэр мындаалаах,
Кэбиэлээн көрдөр кэйбэлдьийбэт
Киэҥ кэтит киэлилээх,
Сир-дойду килбэдийэр киинэ буолан
Сириэдийбит-сиппит,
Дойду гиэнэ долгуруута буолан
Торолуйбут-тупсубут,
Омуннаабакка эттэххэ
Отут көс усталаах
Онолуйа дураа хонуулаах,
Уорбакка эттэххэ
Уон көс туоралаах
Улуу дьалхаан сыһыылаах,
Унаар-мунаар урсуннаах,
32