Page 28 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 28

Силбигинэн-сиигинэн симэһиннийбит
                   Сир ийэ хотун
                   Сири иһит курдук
                   Сиксиктэнэн тахсыытыгар,
                   Тоҕус дуолан улуу үрэхтэр
                   Тоҕо охсон киирэннэр,
                   Тоҕуоруйан тутуһууларыгар,
                   Аҕыс ааттаах айдам силик үрэхтэр
                   Ааллаһан-айманан киириилэригэр,
                   Силбиктээх сэттэ сирэм үрэхтэр
                   Сиэттиһэн-сириэдиһэн тиксиһиилэригэр,
                   Хааннаах халыҥ куҥнаахха
                   Хабырынан хаахтаабытынан түһэр
                   Хатан илбис биилээҕи,
                   Уу субай хааннаахха
                   Умсугуйан уһуутаабытынан түһэр
                   Уйадыйбат уот чупчурҕа уһуктааҕы,
                   Кыһыл субай хааҥҥа
                   Кыдьыгыран кыламмытынан түһэр
                   Кыырыктаах кылаан илбис биилээҕи,
                   Бухатыыр дьон туттар
                   Буулаҕа сэптэрин,
                   Кэниэрдээх кэтэр
                   Кэһэхтэрин,
                   Таҥхалаах таҥнар
                   Таҥастарын
                   Отут биэс биис ууһугар
                   Оҥоро олордун диэннэр,  —
                   Үс дойду киирэр кирбиитигэр
                   Үс сиринэн боччуохтаах буоҕуралаах,
                   Төттөрү соҕус быһыылаах,
                   Төбөтүн оройунан айахтаах,
                   Муҥурун булларбатах
                   Муус Суорун булгунньахха
                   Аллараа адьарай хаан аймаҕыттан,
                   Арахсыылаах аҕыс биис ууһуттан,
                   Кырымахтаах кылбараҥ маҕан хаарга
                   Кытыылыыр кытыт биэ барахсаны
                   Кынталдьыта хаамтаран иһэн,
                   Кырыытынан кыҥыһахтыы түһэрэн,
                   Кыа хаанын кытыастатан кээспит курдук
                   Кытара-убайа турар кыһалаах,

28
   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33