Page 24 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 24

Өлөрсө сатаатылар:
                   Кыргыспыт күүстэриттэн
                   Кытара кыыһаннар,
                   Улуу байҕал түгэҕинэн
                   Умсан тахса-тахса,
                   Бурулуу-бурдьугунуу,
                   Буруолуу-будулла олордулар…
                   Эппэт гына
                   Эппэҥнэс кэлэҕэй,
                   Тыыммат гына
                   Тыҥа быһаҕас дьон
                   Күдэн-туман ортотугар
                   Күлүк курдук барыһан,
                   Күөт курдук үллэн,
                   Улуу куйаар баһынан
                   Уһуутаан кэбиһэ-кэбиһэ:
                   «Киҥкиниир киэҥ халлаан
                   Киэбэ-киэлитэ кэйбэлдьийбит ээ?!!
                   Оһоллоох орто туруу дойду
                   Олоҕо уларыйбыт ээ, сэгэрдээр?!!
                   Алдьархайдаах аллараа дойду
                   Атыйата аймаммыт ээ, атастаар?!!
                   Алдьархай аҕыйаҕына,
                   Эрэй элбии илигинэ,
                   Эт-тирии бүтүн эрдэҕинэ —
                   Эйэнэн кэпсэтиэххэ,
                   Сүүспүтүн аалсыахха,
                   Сүбэлэһэн көрүөххэ…
                   Тугу мээлэ охсуһабыт?!!
                   Тупсуута тэрийиэххэ»,  — дэһэн,
                   Киҥир-хаҥыр саҥарсан,
                   Килиэр-малаар көрсөн,
                   Кэтэхтэрин чонотон
                   Кэпсэтэр киэби ыллылар…
                   Уоран-талаан барарга
                   Уһуктаах тарбахтаммыттар,
                   Уоттаах илиилэммиттэр
                   Улуутуйар Улуу тойон биистэрэ:
                   «Көхсүттэн тэһииннээх
                   Күн өркөн уустара
                   Күөмчүлүү сылдьыахтара,
                   Ир суолбутун ирдээн

24
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29