Page 20 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 20

ПЛАТОН АЛЕКСЕЕВИЧ ОЙУУНУСКАЙ  —
                          ОЛОҤХОҺУТ СУРУЙААЧЧЫ
                                      (1893—1939)

    Платон Алексеевич Ойуунускай үгүс өрүттээх үлэтин-хам-
наһын биир уһулуччу суолталаах өрүтүнэн кини саха олоҥхо-
тун үйэтитиигэ, чинчийиигэ анаабыт үлэтэ буолар. Суруйаач­
чы олоҕун кэпсээниттэн эһиги билэҕит: кини, быстар дьадаҥы
ыал оҕото, үөрэнэр баҕаттан ыалларга олоҥхолоон, сэһэн-
нээн хонуктуура. Оннук сырыттаҕына, бу оҕоттон киһи тах-
сыыһык диэн, нэһилиэгин дьоно өйөөн, Дьокуускай куоракка
үөрэммитэ биллэр. Уус-уран тыл баайа, ырыа эгэлгэтэ, кэрэтэ
барыта норуот айымньытыгар, олоҥхоҕо баарын кини бэрт
эдэриттэн билэр, дьарык оҥостор эбит. Ол, биллэн турар,
кэлин улуу суруйааччы буоларыгар бигэ олугу уурдаҕа. Норуот
айымньытын кини куруук өрө тутара, улуустартан олоҥхоһут-
тары дьиэтигэр ыҥыран олоҥхолоторо үһү.

    Таатта улууһа былыр-былыргыттан чулуу олоҥхоһуттарынан
биллэрэ. Сыылкаҕа олорбут бэлиитиктэр эрдэ сурукка-бичик-
кэ киллэрбиттэринэн, манна «Дьулуруйар Ньургун Боотур»
олоҥхо ордук тарҕаммыт, онон П. А.  Ойуунускай, бу олоҥхо-
ну элбэхтэ истэн билэр, бэйэтэ толорор буолан, үйэтитэргэ
ылсыбыт диэххэ сөп. Кини «отут олоҥхоттон таҥан оҥор-
бутум» диэн ахтыытыгар бэйэтэ эппиттээх, ол гынан баран
отут диэн ахсааны эпическэй пуормула курдук туттубут диэн
фольклору чинчийээччи И. В.  Пухов этэрэ оруннаах. Олоҥ-
хоһут-суруйааччы олоҥхо араас барыйааннарын сатабыллаах-­
тык түмэн, биир уһулуччулаах айымньы гынан таһаарбыт эбит.
Кини истибит олоҥхоһуттарын ааттарын холобур туттан, олоҥ-
хотугар кытта хоһуйан эппитэ баар:

                                Ыргыныап курдук
                                Ырытан киирдэххэ,
                                Табаахырап курдук
                                Таттаран эттэххэ…

    2005 сыллаахха ЮНЕСКО диэн тэрилтэ олоҥхону аан дой-
ду омуктарын култууратын чыпчаал айымньыларын кэккэтигэр
киллэрбитэ, онтон ыла олоҥхону харыстааһын, тарҕатыы, үйэ­
титии уон сыллаах былаана оҥоһуллан, элбэх үлэ ыытылын-
на. Олоҥхо саха омугун өркөн өйүн, үрдүк талаанын туоһута
буолла.

  20
   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25