Page 17 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 17

Сири-дойдуну сэргэҥнэтэр
                            Силлиэ-буурҕа сэһэнин истэрим…

    Ойуур иһигэр олоҕун атаарбыт улуу кырдьаҕас чуор кулгааҕа эрэ
истэр баараҕай аркыастырын тыаһа киһи иһиттэр-истиэн курдук
иэйии­лээх тылларынан бэриллэр:

                            Биэрэстэлээх сиринэн тэнийэн,
                            Көстөөх сирдэринэн күөнтээн олорор
                            Күтүр тииттэр көҥдөйдөрүнэн
                            Күҥкүнэччи үрэр сүҥкэн

                                                            туруупкалардаах,
                            Тэҥкэ тииттэр кумалааннарынан
                            Лиҥкинэччи охсуллар ньиргиэр

                                                           барабааннардаах,
                            Хайыта барбыт мастар

                                                               дьабааларынан
                            Хатаннык часкыйар хамыстардаах,
                            Тырыта барбыт мастар

                                                          тырыыҥкаларынан
                            Сытыытык кыланар

                                                       кырыымпалардаах…

    Чахчы муусука суруйааччы эрэ истэр дорҕоонноро иһиллэллэр,
арыт омун­наан эттэххэ, саха национальнай аркыастырын оонньотор
дирижёр муусуката өрө күүрүүлээх кутуллар курдук. Аар тайҕа бэйэтэ
иитэн таһ­ аарбыт эбит улуу ырыаһыты, кини кулгааҕар «айылҕа бары
саҥата, сир үрдүн эгэлгэ сэһэнэ, халлаан этиҥэ этэр дьүрүскэнэ,
муора долгунун дохсун оонньуута» иһиллэр. Тайҕа баараҕай муусука-
тыгар кэпсэнэр эбит «Саха сирин аар айылҕата, саха киһитин тыйыс
дьылҕата». Улуу омуктар орган диэн баараҕай муусука үнүстүрүмүөн-
нэрэ биһиги аар тайҕабыт иһигэр ыллыыр-туойар, сөҥөдүйэр, эҥсэр,
ньиргийэр эбит.

    Кырдьаҕас ырыаһыт тапталлаах тайҕатын, иитиллибит ийэ айылҕа-
тын кытта быраһаайдаһар тыллары долгутуулаахтык этэр, хаһан эмэ
этиэхтээх ыар-нүһэр, кэриэс-хомуруос тылларын ыһыктар:

                            Ийэкээм! Аны миэхэ
                            Күйгүөрэ көрүлүүр күүс-күдэх бүттэ,
                            Көҕөрөр-чэлгийэр күнүм ааста…

    Киһи бу тыллары ыараханнык ылынар… Дьэ, итинник сүрүн санаа­
лары эгэлгэлээн, илбиргэстээн этэн, бу айымньы дьон биһирэбилин
тута ылбыта.

                            Кэлэр кэрэ үйэ көлүөнэлэрэ,
                            Кэс тылым түмүгүн истиҥ:
                            Күн уотунан күүстэнэн,
                            Этиҥ уотунан эрчимнэнэн,
                            Эһиги бэйэлээхтэр

                                                                                                                                      17
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22