Page 13 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 13

Тула өттүбэр тула
Тыаҕа тыал кутуллан,
Мутукча муората долгуйан,
Муҥутуу көнньүөрдэ айылҕам,
Сэбирдэх муората оргуйан,
Силигилии чэлгийдэ ийэ тыам.
Оо, айыллыбыт Аар Тайҕам,
Кэрэҥ эйиэнэ кэмнэммэт,
Кэпсээниҥ эйиэнэ ситтэрбэт!
Үтүмэн үгүс үйэ
Үүнэ тур чэлгийэ!
Аны, баҕар, иккистээн эргиллэн,
Ытык кырдьаҕас ырыаһытыҥ,
Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн,
Сүрэхтээх бэйэм долгуйан,
Күөмэйбэр санаам көймөстөн,
Көмүскэм уута итийэн,
Элэ-была тылбынан эйигин
Эҕэрдэлээн эймэһитэрим биллибэт!
Ийэкээм! Аны миэхэ
Күйгүөрэ көрүлүүр күүс-күдэх бүттэ,
Көҕөрөр-чэлгийэр күнүм ааста,
Хагдарыйар хатыҥ дьылҕам
Хаайда…
Хата,
Одун халлаан оҥоруутунан,
Охтубут мас үүнэр кырыска кыттар,
Ойуур тыа мэлдьитин чэлгийэр.
Хардаҕас саҕа бэйэм
Ханна да кистэннэрбин
Хара буорум үрдэ кырыстыйыа,
Хайа эмэ оту-маһы кытта
Хагдарыйбат күөххэ ханыылаһыам,
Сир-дойду симэнэр-киэркэйэр кэмигэр
Сэргэх сэбирдэх буолан тэлибириэм,
Көҥдөй күөх от  салаатынан
Көҥүл тыына сытыаҕым…
Ол курдук
Айыҥат хаантан аналлаах
Алгыс санаам салыйбатын,
Үрүҥ айыыттан төрүттээх
Үтүө тылым өлбөтүн.

                                     13
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18