Page 11 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 11
Саха урааҥхай
Саргыта суох ааспыт сахтарын
Санньылҕан ырыата,
Үөтэлээбэтэх өрдөөҥү үйэлэрин
Үгүс үгэлээх хоһооно,
Этиллибэтэх эгэлгэ эрэйин
Энэлийэр иччилээх тойуга,
Иһиллэргэ дылыта
Эмиэ даҕаны
Кини кэнэҕэски кэмин,
Кэлэр кэскилин
Кэрэ чуор гимнэ,
Саманна туох барыта
Иһиллэргэ дылыта
Уонна миэхэ, быһыыта,
Өйдөммөтөҕө барыта…
Ону мин истибитим быдаарыйбыта.
Былыргы дьыл былытынан сабыллыбыта.
Ол да буоллар онно,
Дууһабын долгуппут
Дойдум дорҕоонноох тойуга,
Уйулҕабын хамсаппыт
Улуутуйар тайҕам муусуката,
Өйдүөбэтэҕим даҕаны иһин,
Өрүү хаһан да арахпакка
Сүрэхпэр миэхэ сөҥмүтэ,
Эппэр-хааммар иҥмитэ…
Олоҥхоттон да ол ураты этэ,
Остуоруйаттан да дьиктитэ.
(…)
Сүрэҕим эппэйдэ,
Сүһүөҕүм эрчийдэ.
Тугуй бу, доҕоттоор,
Тула өттүбэр тула
Дьэрэкээн симэх тиһилиннэ,
Дьарҕаа ойуу тардылынна,
Дьикти түһүлгэ манна тилиннэ,
Ойуу-бичик айылҕабар
Онно-манна оҕо мастарым
Оонньууга мустубуттуу
Ойуур-ойуур буолбуттар,
Үҥкүүгэ киирбиттии
11