Page 8 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 8

Онон-манан отон уга олбохтордоох,
               Үрүҥ муох үктэллэрдээх
               Үрдүк орой мындааҕа,
               Туруук тоҕой тумулга
               Өрө хааман тахсыбыттааҕым.
               Ол тахсаммын
               Одуулаан көрбүтүм, оҕолоор!
               Томороон дойдум дьогдьойор саала,
               Ындыы сиһим ыһыытыыр мындаата,
               Киэҥ дойдум кэтит арҕаһа
               Кэрэ дьикти да буолар эбит!
               (…)
               Кэрэ дойдум барахсан
               Кэтит киэлитигэр,
               Киэҥ көхсүгэр
               Элбэх даҕаны
               Эгэлгэ булду иһэрэхситэҥҥин,
               Эриэккэс түүлээҕи үөскэтэҥҥин,
               Эгинэ да бэйэлээхтэри
               Иҥэринэн турдаҕыҥ диэммин,
               Эт сүрэҕим эймэнийдэ,
               Эттиин-хаанныын долгуйдум!
               Бу буоллаҕа
               Тииҥ кыыл чэрэйэр кулгааҕынан,
               Тиэриллэр кутуругунан киэргэммит,
               Кыртайар кырынааһынан кырыстаммыт,
               Кириэстээх кэрэмэһинэн симэммит,
               Уоттаах хара саһыла субуруйбут,
               Саарба кыыла сырбайбыт,
               Лөкөй тайаҕа бөлүөхпүт,
               Сур бөрө үөрэ сулудуйбут,
               Адьырҕа эһэ арҕахтаммыт,
               Киһи-сүөһү сылдьыбатах
               Киҥкиниир киэҥ тайҕам!
               Ол курдук, орой мындааҕа
               Одуулуу-толкуйдуу
               Олордохпуна, оҕолоор!
               Тус соҕуруу диэкиттэн
               Туналҕан былыт сирдьиттэнэн,
               Дохсун силлиэ тыал, арай,
               Тыа маһын тыаһатан,
               Ойуур төбөтүн долгутан,

8
   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13