Page 5 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 5
НОРУОТ ТЫЛЫНАН УУС-УРАН АЙЫМНЬЫТА
Норуот ырыата. Олоҥхо
СЕРГЕЙ АФАНАСЬЕВИЧ ЗВЕРЕВ–КЫЫЛ УОЛА
(1900—1973)
Сергей Афанасьевич, үөрэҕэ суох,
аахпат, суруйбат, бултаан айаҕын иит-
тэр киһи, айдарыылаах, анабыллаах
төрөөбүт буолан, норуотугар тугунан
да кээмэйдэммэт сүдү кылааты хаал-
ларбыта. Кини — улуу ырыаһыт, улуу
оһуок айдьыт, улуу олоҥхоһут, сүдү бэ-
йиэт, сахалыы сыанаҕа толоруллар үҥ-
күүнү аан маҥнай айааччы. Үөрэх-би-
лии тарҕыы илигинэ, аахпат-суруйбат
хараҥа киһи хайдах бу курдук эргич-
чи талааннаах сүдү киһи буола тыыл-
лан-хабыллан тахсыбытай диэн киһи
сөҕөр. Ол эрээри киһи норуотун уран,
уус тылын, сахалыы өй-санаа дириҥ далай муудараһын, ийэ
айылҕа сүдү үөрэҕин иҥэрэниитэ тугунан да солбуллубат
күүһү биэрэрин Сергей Афанасьевич олоҕо итэҕэтэр.
Кини — саха култууратын, ускуустубатын бары салаалары-
гар бэйэтин сыаната биллибэт кылаатын хаалларбыт, эргич-
чи талааннаах, «үйэҕэ биирдэ көстөн ааһар», «айылҕа уһу-
луччулаах бэлэҕэ» диэн аатырбыт, саха омук сүгүрүйэр ытык
киһитэ, киэн туттуута. Саха төрүт тылын-өһүн, култууратын,
сиэрин-туомун, бөлөсүөпүйэтин тарҕаттааччы быһыытынан
киэҥник биллибит, дьон-сэргэ тапталын, ытыктабылын ылбыт
киһи.
5