Page 10 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 10

Долгулдьуйар нарын нуурала,
                 Тыыннаах айылҕам бүтүннүү
                 Тыынар тыына барыта манна баара!
                 Баар этэ манна
                 Саталаах таас хайалар дарбааннара,
                 Буркун холоругу кытта бурайсар
                 Буор хайалар дорҕоонноро,
                 Уу күҥкүстүүр күйгүөрэ,
                 Уордаах күрүлгэн ньиргиэрэ,
                 Хатан тимир чыҥкынас ырыата,
                 Алтан, көмүс лыҥкыныыр тыаһа!
                 Баар этэ манна
                 Айылҕа бары саҥата,
                 Сир үрдүн эгэлгэ сэһэнэ,
                 Халлаан этиҥэ этэр дьүрүскэнэ,
                 Муора долгунун дохсун оонньуута.
                 Ол барыта  —
                 Силлиэ тыал тыынынан,
                 Сэттэ уон сэттэ тиит көҥдөйүнэн,
                 Аҕыс уон аҕыс дьабаа хайдыбытынан,
                 Тоҕус уон тоҕус кумалаан үүтүнэн,
                 Сэбирдэх тыалынан,
                 Сибэкки тылынан
                 Сэргэхсийбит айылҕа
                 Силигэ-эгэлгэтэ ситтэрбэт
                 Сиэдэрэй сэһэнэ буолан,
                 Силлиэрэ-кутулла турбута.
                 Манна баар этэ  —
                 Арбахтаах мутуктаах
                 Аарыма куруҥ мас
                 Күөгэйэр лабаалаах
                 Күөх ойуурдуун дойҕохтоһуута,
                 Тимир ыарҕа талах
                 Тэтэркэй сибэккилиин сэргэстэһэн кэпсэтиитэ.
                 Тыла суох манна барыта
                 Тылламмыкка дылыта,  —
                 Саха сирин аар айылҕата,
                 Саха киһитин тыйыс дьылҕата!
                 Баарга дылы этэ манна,  —
                 Бу ураты муусукаҕа,  —
                 Үйэлэр үйэлэргэ этэр
                 Үһүйээн тыллара,

10
   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15