Page 15 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 15
Долгуйбакка тиийиэхтин,
Дорҕоонноох тойукпут
Тупсан сатарыахтын!
Ол кэмҥэ тиийэн
Улуу Өлүөнэ өрүспүт
Устар долгунунуу суккуллар
Умнуллубат оҥкуллаах олоҥхобут
Уурумньу тыл кэриэтэ
Ордук биһирэтиэхтин,
Уопсай номох буолуохтун:
— Аҕыс салаалаах
Аар кудук маспыт
Айгырыы чэлгийэ үүнүөхтүн!
Ол алын эйгэтигэр
Араҕас илгэ
Алла сытыахтын,
Үрүҥ илгэ
Үллэ туруохтун!
Ырыабыт ыраах бардын,
Ырабыт бары туоллун!
Ол кэм модун муусукатыгар
Олоҥхо дорҕооно холбостун, —
Тыйыс тыал тыаны тыаһатара,
Дьаҥсал этиҥ халлааны дарбыйара.
Харылас халҕаһа өрүскэ устара,
Курулас толон тоҥ сири титирэтэрэ, —
Дойдубут туох баар
Дорҕоонун күүһэ онно кутулуннун!
Чэлгий, муҥутаа,
Чээл быраан!
Аҥаарыйар
Аар Тайҕам,
Аастыйбыт астаах,
Алгыстаах тойуктаах
Айыы-хаан сиэнэ —
ырыаһыккыттан
айхал!
Тылбытын байытабыт
Алгыс санаам салыйбатын — алгыс тылым мөлтөөбөтүн.
15