Page 18 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 18
Үөрэх бөҕөнү үрдэтиҥ,
Уйгу быйаҥы дэбилитиҥ…
Улуу ырыаһыт ити түөрт уонтан тахса сыллааҕыта төлкөлөөн эп-
пит тыллара олоххо киирэллэр, санаабытын сайыннараллар, өйбүтүн
сытыылыыллар.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Киһи айылҕалыын биир тыыннаах буолуута диэни хайдах
өйдүүгүтүй?
2. « Иичээн да кулгаахтаах
Истибэтэҕин истибитим,
Көрбүөччү да харахтаах
Көрбөтөҕүн көрбүтүм» диэн тугу этэрий? Айылҕа биһиэ
хэ, киһиэхэ кэпсээнин истиэххэ, билгэлиэххэ сөп дуо?
3. « Бу ураты муусукаҕа, —
Үйэлэр үйэлэргэ этэр
Үһүйээн тыллара» иһиллэрэ диэн тугу этэрий?
Тыыннаах тыл
y Ааптар «Эттиин-хаанныын силбэһэн сылдьар этим,
Куттуун-сүрдүүн холбоһор буоларым» диэн этиитин хай-
дах өйдүүргүтүн тылгытынан эбэтэр суругунан ойуулаан дьү
һүйүҥ.
y «Ийэ айылҕам дьиктилээхэй умсулҕана» тиэмэҕэ сүрэххити-
гэр сөҥмүт, эккитигэр-хааҥҥытыгар иҥмит кэрэни ойуулаан
өйтөн суруйуута оҥоруҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. Умнуллубат оҥкуллаах олоҥхобут
Уурумньу тыл кэриэтэ
Ордук биһирэтиэхтин,
Уопсай номох буолуохтун, — диэн алгыстаах тыллара тугу
сэһэргииллэрий, С. А. Зверев алгыс-баҕа санаата бүгүн төһө
туолан, ситэн-силигилээн эрэрий?
2. «Чороонноох кымыспыт
Долгуйбакка тиийиэхтин,
Дорҕоонноох тойукпут
18