Page 23 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 23
Баараҕай таһаалаах,
Үктээтэххэ өҕүлдьүйбэт
Үрдүк мындаалаах,
Кэбиэлээтэххэ кэйбэлдьийбэт
Кэтит киэлилээх,
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Алта киспэлээх,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Айгыр-силик бэйэлээх,
Араҕас айыы далбардаах,
Алаҕаркаан-тэтэгэркээн
Аан ийэ дайды диэн
Ананан-айыллан,
Ойон тахсар күннээх,
Охтон баранар мастаах,
Уолан баранар уулаах,
Уостан сүтэр уйгулаах,
Муҥ-сор суунаҕалаах,
Муур-таар бэйэкэлээх
Орто туруу дьаҕыл дойду диэн
Оҥоһуллубута эбитэ үһү…
Тылбытын байытабыт
Быралыйар быраман мындаатыгар — олус өрдөөҕү кэмҥэ.
Ичээн эттээххэ — билигэс, инники туох буоларын эрдэттэн
билэр киһи.
Арбыйа тиистээх — сытыы тимир тиистээх.
Арбаҕаһын — түүтэ тас гына тигиллибит саҕынньах.
Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт — охсуһар-өлөрсөр санаа иҥмит.
Муҥ-сор суунаҕалаах — муҥ-сор арахпатах.
2. Орто дойду олоҕун булларыы
Быстан биэрбэт үөстээхтэр,
Бытарыйан түспэт эттээхтэр,
Тохтубат хааннаахтар,
Тоһуттубат уҥуохтаахтар,
Өспөт тыыннаахтар,
Өлбөт бэйэлээхтэр —
Үөтүүлээх үс биис уустара
Үөрбэнэн, үҥүүнэн
Өтөрүтэ түсүһэн
23