Page 26 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 26

«Бу киһи буоллун!»  — диэннэр,
                   Бука барылара сүрэхтэрэ сөбүлээн,
                   Дьылҕа Тойону,
                   Чыҥыс Хааны
                   Одун Хаан оҥоруута дуо дэтэннэр,
                   Огдолуйбат улуу күүстээннэр
                   Олохтообуттар эбит…
                   Уһун Дьурантаайы диэн
                   Улуу дьаалыны, улахан киһини
                   «Сутургуу буолуо,
                   Сутуругун көрдөрүө!»  — диэннэр
                   Суруксутунан биэрбиттэр эбит…
                   ……..
                   Бу кэнниттэн буоллаҕына
                   Буор сир уйбат буулаҕа талбалар
                   Орто туруу дойду
                   Олоҕун олохтоохторугар
                   Өлбөт төлкөтүн түһэрбиттэрэ,
                   Өйдүөн-дьүүллээн көрбүттэрэ…
                   Аллараа дойдуттан,
                   Адьарай сириттэн
                   Аргыар айаҕа буолбут,
                   Үөһээ дойдуттан,
                   Үлүскэннээх халлаантан
                   Үргүөр үөлэһэ буолбут
                   Былаҕайга ыллара турар
                   Былдьаһыктаах сир буолсу…
                   «Биһиги диэтэх бэйэлээхтэр
                   Билэр-көрөр муҥутааммын
                   Орто туруу дойдуну
                   Олоҕун булларбат буолуохпут дуо?!!
                   Үс биис ууһуттан
                   Үтүмэхтээн тураммыт
                   Оройунан оонньуур,
                   Ортотунан курданар
                   Отут биэс биис ууһунан,
                   Самныбат саргылаах
                   Саха киһилээн,
                   Устаты муруннаах,
                   Утары сирэйдээх
                   Урааҥхай сахалаан
                   Босхо бастааҕынан,

26
   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31