Page 31 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 31

Босхо бастааҕы,
Бокуйар сүһүөхтээҕи
Бодотун үрдэтээри:
Хаҥкыл хара тыа
Хатан дьылҕана аһылыктаах,
Күөх төлөн тыыннаах,
Күөнэ көҕөччөр аттаах,
Быыра быһыылаах,
Бырдьа бытыктаах
Кылаан чаҕыл,
Кыырык төбө
Хааһах саҕа хаалыктаах,
Хаардаах бугул саҕа
Халадыйар хатан хататтаах,
Бороон торбос саҕа
Боҕуйа охсор чокуурдаах
Улуутуйар Улуу тойон
Улахан уолун —
Уоҕан хаан төрдүн
Аан Уххан эһэ оҕонньору
Айыы хаан аймаҕар,
Алаһа дьиэ иһигэр
Аал уот иччитэ оҥорон,
Хара буруо харалдьыта
Хатан Тэмиэрийэ диэн ааттааннар
Орто курбуу-дьирбии дойдуга
Олохтообуттара эбитэ үһү…
Кинини кытта буоллаҕына
Киллэрбиттэрэ эбитэ үһү:
Дьиэ иччитэ оҥорон
Дьиэдэ Бахсыыланы,
Холоҥсолоох-хохтоох
Хотон иччитэ оҥорон
Ньаадьы Ньаҥханы…
Онтон ыла буоллаҕына
Орто түөлбэ дойдуга
Саргы тардыһа сатаабыт
Саха киһитэ барахсан
Алаһа дьиэни тэринээт,
Аал уоту оттунаат,
Кинилэр эрэ дуо диэн
Кийэчэн тураахтаан

                                 31
   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35   36