Page 29 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 29
Алталаах атыыр оҕуһу
Аппалаах алаас айаҕар
Ахталдьыта хаамтаран иһэн,
Сүүскэ охсон түһэрэн,
Сүһүөҕэр сүгүрүтэн кээспит курдук
Уйадыйан-ууллан көрбөт
Укулаат тимир ньуурдаах,
Кыҥкыныы-чыҥкыныы кыырар
Кылбадыйа турар кыстыктаах,
Түөрт уон түөрт атыыр сылгы
Түүмэхтээх түллэр көхсүн тириитэ
Күөттээни ууһун күөтэ дуо диэн
Күксүйэр күрүлэс өлүү күөттээх,
Баараҕай баай ыал
Бастыҥ баҕанатын саҕа
Балтааны ууһун балтата дуо диэн
Барык-сарык илбистээх
Баараҕай балталаах,
Чыскыйбахтыы сытар
Чыскыылаах,
Иэрийбэхтии сытар
Игиилээх,
Уоҕан хаан ууһуттан
Уот кындыалана диэн
Хоонньугар сытыарар
Хорсун доҕордоох, хотун ойохтоох,
Ыар санаалаах,
Ыарахан тыыннаах
Кытай Бахсылааны оҕонньору
Кыырыктаах үс уус төрдө буол диэннэр,
Оһоллоох орто туруу дьаҕыл дойду
Охсуоланар оройун улаҕатыгар
Олохтообуттара эбитэ үһү…
Кэлэр кэхтэр киһилээх,
Кэхтэн кэлэр кэскиллээх
Орто кулан дьэллик дойду
Отут биэс биис ууһугар
Көрөр харах буолан
Көмөлөһө олордун диэннэр,
Түөрэх кэбиһээччинэн,
Түп этээччинэн
Хотой хаана хоруончахалаах,
29