Page 27 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 27

Бокуйар сүһүөхтээҕинэн,
Сиик-туман тыыннааҕынан,
Симэһиннээх эттээҕинэн
Орто туруу дойдуну
Олоҕун булларыахха»,  — диэннэр,
Улуу күтүрдэр,
Уот буурайдар
Ууруу уурбуттар…
Самантан тус илин диэки бардахха,
Сандаллаах сатыы маҕан халлаан
Сарыы таҥас курдук
Таҥнары намылыйан түһүүтүгэр,
Тараадыйан-дьарҕааланан көстүүтүгэр,
Силбиктээх сиик-туман тыыннаах,
Сириэдийбит-сиппит сир ийэ хотун
Хайыһар мас киилин курдук
Ханарыйан тахсыытыгар,
Ый хотун төрүөн таалалаабыт
Ытык хайатын чанчыгар,
Күн тойон төрүөн күөлэһийбит
Көмүс хайатын кэтэҕэр
Үс нуоҕай маҕан хатыҥ
Үүнэн лөглөрүһэн туралларыгар,  —
«Айылҕа хаан хотунтан
Ананан айыллыбыт
Араҕас чэчир буолан
Анньыллыбыттар эбит»,  — диэннэр,
«Үрэххэ баппат үрүҥ түүлээҕи,
Үргүүк хаҥылы, бүтэй туйахтааҕы
Үксэтэ олордуннар,
Сыһыыга баппатах сыспай сиэллээҕи,
Сылгы сүөһүнү, миинэр миҥэни
Дэри-дэлэгэй
Тэниттиннэр,  — диэннэр,
Күн Дьөһөгөй тойону,
Күрүө Дьөһөгөй хотуну
Уордаах Уот Дьөһөгөй оҥороннор,
Улуу дьүүлүнэн олохтообуттара эбитэ үһү…
Арҕаа диэки бардахха,
Араҕас сабыдал халлаан
Тараах былыт курдук
Таҥнары найҕаран түһүүтүгэр,

                                                                                                       27
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32