Page 22 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 22
Үһүйээн буолан
Үөтүллэ илигинэ, —
Дьулусханнаах дьулуо маҥан халлаан
Дьураатыттан тутуллубута биллибэт,
Үс күөгэйэр күлүм күлүүһүттэн
Үктэллэнэн үөскээбитэ көстүбэт,
Үлүгэрдээх үс ньүкэн үтүгэн
Үлүскэннээх үрүт өттүнэн
Көй-сата салгынынан
Көтөҕүллэн эрэрэ көстүбэт,
Эргийэр иэччэҕэ эргитэрэ биллибэт,
Энэлгэннээх тойуктаах,
Ынчыктаах ырыалаах
Улаҕата көстүбэт,
Уҥуоргута биллибэт
Уорааннаах уораҕайдаах
Улуу байҕал уллуҥахтаах,
Оруһуоллаах уулаах
Оһоллоох Одун байҕал
Огдолуйбат олбохтоох,
Сүллэр этиҥ ньиргиэрдэммит,
Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт,
Сүҥ байҕал түгэхтэммит
Тунаах былыт урсуннаах,
Туустаах байҕал тулалаах,
Алдьархайдаах аан-өлүү аарыктаммыт
Абалаах аһыы байҕал алыннаах,
Чэлгиэн сата саатаабыт
Чэҥ муус сиксиктээх,
Кыйыра-кырылыы көтөр
Кыһыл кумах кырдайдаах,
Алтан от анньан тахсыбыт
Араҕас туой буор ардайдаах,
Үкэр күөх от үтүөхтээбит
Үрүҥ туой буор үрүттээх,
Сырылҕан куйаас сыламнаабыт
Сытар хайа сындыыстаах,
Будулҕан туман оргуйбут
Буор хайа модьоҕолоох,
Оллорута ойон тахсыбыт
Очуос таас хайа оройдоох,
Баттаатахха маталдьыйбат
22