Page 19 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 19

Тупсан сатарыахтын!» диэн этии ис номоҕо тугуй? «Дол­
        гуйбакка тиийиэхтин», «Тупсан сатарыахтын» диэн тыллар
        ситимнэрин этэр ис санааларын ырытан, тугу кэрэһилиил­
        лэрин быһаарсыҥ.

    3.  «Хайа эмэ оту-маһы кытта
    	 Хагдарыйбат күөххэ ханыылаһыам», — диэн ырыаһыт туг­ у,

        ханнык санааны түстээбитин ырытан, ырыаһыт ис кичим
        санаата, бэйэтин айар тылын күүһүгэр эрэлэ «хагдарыйбат
        күөх­хэ ханыылаһыыта» төһө туолбут дии санаатыгыт?

                                                        ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТИТТЭН

    1925  сыллаахха П. А.  Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» айым­ньытын
жанрын «олоҥхо-тойук» диэн бэлиэтээбитэ. Ол курдук С. А.  Зверев
бу дьикти айымньытын эмиэ «олоҥхо-тойук» диэн сүрэхтээбит. Ма-
нан П. А.  Ойуунускай да, С. А.  Зверев да саха уус-уран литература-
тыгар норуот тылынан уус-уран айымньытыттан силистэнэн, норуот
тылынан айар ньымаларыгар тирэҕирэн, олоҥхо курдук үйэлэри эҥ­
сэр санаалары этитэр тылынан айыылар баар буолуохтаахтарын би-
гэргэтэллэр. Уус-уран тылынан айыы көрүҥүн быһыытынан айар тыл
төрүт үгэстэринэн силигилиирин, үйэлээх, сүҥкэн дириҥ олоҥхолуу,
бөлүһүөктүү өй-санаа этиллэр ураты айылгылаах айыылар буолал-
ларын туоһулуур. Онон «олоҥхо-тойук» төрүт үгэстэргэ олоҕурбут
тылынан айыы ураты көрүҥүн быһыытынан сыаналаныан сөп.

                                                                                ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

        1.  С. А. Зверев‑Кыыл Уола «Айхал эйиэхэ, аар тайҕа!» олоҥ­-
            хо-тойугун ис хоһоонугар, куорматыгар олоҥхолуу көс­
            түүлэр.

        2.  С. А. Зверев‑Кыыл Уола «Айхал эйиэхэ, аар тайҕа!» олоҥ­-
            хо-тойугар сахалыы хоһоон ньымалара.

Аах. Бил. Туһан

    1.  Д. С.  Зверев. Айыылартан арчыламмыт: уус-уран публицис­
        тика.  — Дьокуускай, 2010.

    2.  Д. С.  Зверев. Тойук тобуллар, ырыа ылланар.  — Дьокуус­
        кай, 2010.

                                                                                                                                      19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24