Page 14 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 14
Кэлэр кэрэ үйэ көлүөнэлэрэ,
Кэс тылым түмүгүн истиҥ:
Күн уотунан күүстэнэн,
Этиҥ уотунан эрчимнэнэн,
Эһиги бэйэлээхтэр
Үөрэх бөҕөнү үрдэтиҥ,
Уйгу быйаҥы дэбилитиҥ,
Дуолан томороон дойдум
Тоҥ буорун ньүөлсүтүҥ,
Ахсым тымныытын намыратыҥ,
Тыйыс бэйэтин сыһытыҥ!
Дэбилгэннээх өрүстэрбитин
Тэһииннэрин тутуҥ,
Муустаах муорабытын
Буолатын бохсуҥ…
Оччолорго буоллаҕына,
Омуннаах бу олоҥхо дойдутугар
Үөрэхтээх да өтөрү көрбөтөх,
Билээччи да билбэтэх
Баһырхай тутуу барҕарыаҕа,
Балысхан быйаҥ таһымныаҕа.
Таас дьааҥылар быыстарыгар,
Тайҕа тыалар хоонньуларыгар
Түүнэ суох күндэлэс күннээх,
Кыһына суох самаан сайыннаах,
Сайаҕас дьэҥкэ салгыннаах
Саад-куораттар сандаарыахтара.
Ол өрөгөйдөөх кэмҥэ
Орто дойду олоҕун олохтуохтара
Алта ини-бии бухатыыр дьон.
Кинилэр килбиэннээх кэрэ ааттара —
Эйэ, Үлэ, Көҥүл, ол гэннэ
Тэҥ, Бырааттыы, Дьол диэннэр —
Дьылҕа бөҕө түөрт кырыылаах
Дьэҥкир таас остуолбатыгар
Бэлиэр үйэҕэ кэрдиллэн-быһыллан
Бигэтик суруллан тураллар.
Алта айыы бухатыырдарын
Алгыстаах аныгы саарыстыбаларыгар,
Уруу хаан норуоттар
Уйгулаах ыһыахтарыгар
Чороонноох кымыспыт
14