Page 36 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 36
Өһөгөйдөөх өлүү уутугар түһэннэр
Өлөөрү өрүтэ көбүөхтэһэ сыттылар…
Кэрис бараан дьүһүннээх
Кэлтэгэй ыйдара-күннэрэ
Түҥнэри эргийэннэр,
Түүннэри-күннэри
Ытыс таһыйар
Ыас хараҥа буолла…
Алдьархайдаах аллараа дойдуну
Атыйахтаах уу курдук аймаатылар.
Өһөгөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх төрдө
Өрүтэ мөхсөн өрө үллэҥнээтэ,
Үс күлэр ньүкэн түгэҕэ
Үстэ түллэн часкыйда,
Орто туруу дойду
Оройдуун доргуйан
Ортотунан куталдьыйда,
Тоҕус добун маҕан халлаан
Тордуйалаах уу курдук долгуйда,
Кэйбэлдьийбэт кэтит үтүгэн
Киэбэ-киэлитэ хамнаата…
Өһөгөйдөөх үйэҕэ үөскээбит
Өһөх Харбыыр, Үс Күлүк,
Түүн сырыылаах түүлээх уллуҥах,
Түҥнэри Холорук, Тимир Дьигистэй
Адьарайым ааттааҕа
Алтан аалыытын курдук
Адьырыс гынан ааста,
Көмүс аалыытын курдук
Көҕүрүс гынан ааста,
Тимир аалыытын курдук
Дьэбилис гынан ааста,
Айаҕа көстүбэккэ эрэ
Аҕыс арбыйа күөх тиистэрэ
Атыгыр гынан аастылар,
Хааннаах хара далай ытыһа
Ханан даа көстүбэккэ эрэ
Уон уоруйах
Уот чупчурҕан
Дэгиэ хара тыҥырахтара
Отут күлүк буоланнар,
Онон-манан көстөннөр,
36