Page 39 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 39
Хаба ортотугар
Үллэҥнии олорор
Үс сиринэн буогуралаах,
Муҥ-сор суунаҕалаах
Муус Суорун булгунньах
Өрө үүнэн тахсан
Өрүтэ мөҥө турара буолуо…
Өһөгөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх
Өлүүтүн өрө көбүппүт
Дьалыһын илбис,
Далаҥ сайгыыр
Уот Күкүрүйдээн удаҕан
Умса холоруктуу олорор
Уот ураанньык булгунньаҕа диэн
Ситии саҕа ситимэ суох
Сиик-силбик сирэйдээх,
Сап саҕа тардылыга суох
Салыһын илбис ньуурдаах,
Охсуолана олорор
Оһоллоох оройдоох,
Мөхсө олорор
Мөҥүүк төбөлөөх,
Икки киһи батар-баппат
Иирэр илбис иэннээх,
Түспүт төннүбэтэх,
Барбыт эргийбэтэх,
Кырыыска этиллибит,
Кырамаҥҥа турбут
Улуу дойду
Уоттаах уһуга диэн
Ол буолуохтаах,
Онно илдьитэлии охсуҥ, — диэн
Үрүҥ көмүс үөрэҕэстээх
Үс үөлэн дьөһөлдьүттэрэ
Сындыыс уотун курдук
Сыр гынан хааллылар…
Тус илин диэки
Туһаайа тутаннар,
Үс аан дойду
Үлүскэннээх кирбиитин
Өрө көтөннөр,
Өрөгөйдөөх үрдүк халлаан
39