Page 43 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 43

Тордохтоох туос иһиттии
               Тоҕута барыах курдук
               Туллас гына түстүлэр…
               Ыксаатылар быһыылаах,
               Ыһыкта сыстылар,
               Саҥа аллайан
               Сатара түстүлэр…

       Тылбытын байытабыт

    Буулаҕаларын булларбат  — күүстэринэн, охсуһууларынан бап-
патах.

    Ситии саҕа  — сылгы сиэлинэн хатыллыбыт синньигэс быа.
    Үрүҥ көмүс үөрэҕэстээх  — үрүҥ көмүс ураҕас курдук тэрил.
    Дьөһөлдьүттэр  — илдьиккэ сылдьааччылар.
    Отут болгуо чээрэтинэн  — тимирдээх тааһы уһааран оҥорбут.

               6  .  Ньургун Боотур Туйаарыма Куону,
               Күн Дьирибинэни босхолооһуна

                   Орто дойду улуу дуолана
               Оччону истэн баран
               Туруо баара дуо,  —
               Хабарҕа кэрдииһин курдук
               Хаан дьэрэлик кирилиэс устун
               Лаһыр-лаһыр хааман
               Таҥнары түһэн барда,
               Ол иһэн
               Ол-бу диэки
               Одуулаан көрбүтэ  —
               Холорук ытыйбытын курдук
               Хотоол-итээл киэҥ уорук,
               Силлиэ сиксийбитин курдук
               Сиэрэ суох киэҥ-куоҥ
               Хара барык дьиэ иһэ
               Халыдыйан көһүннэ…
               Отут уораҕайдаах
               Оҕуй бараан ордуу
               Киэҥ дьайаан
               Килэдийэр киинигэр
               Суорба таас хайаны
               Суостуганнаах буоллун диэн
               Суоран аҕалан

                                                                                                                               43
   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48