Page 40 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 40

Киҥкиниир кэтит өрөһөтүн,
                 Килбиэннээх киэҥ таһаатын
                 Хатыыс балык курдук
                 Хайа сырбайаннар,
                 Күн тойон төрүөн күөлэһийбит
                 Көмүс хайатын үрүт өттүгэр,
                 Ый хотун төрүөн таалалаабыт
                 Ытык хайатын кэтэх өттүгэр
                 Өҥөс гына түһэннэр
                 Өйдүөн-дьүүллээн көрдөхтөрө…
                 Өһөгөйдөөх үйэҕэ үөскээбит
                 Өһөх Харбыыр, Үс Күлүк,
                 Түүн сырыылаах түүлээх уллуҥах,
                 Түҥнэри Холорук, Тимир Дьигистэй,
                 Аҕыс уон аҕыс
                 Ааһар албастаах
                 Аллараа дойду ааттааҕа,
                 Киһи эрэ буоллар
                 Кини даа бэйэлээх
                 Сэттэ сиринэн
                 Сиритэ сынньыллан
                 Сиикэй эт баастаммыт,
                 Тоҕус сиринэн
                 Тобулута охсуллан
                 Оҥолдьуйа олорор
                 Ойбон баастаммыт,
                 Ол даа буоллар
                 Омуна ааспатах,
                 Уоҕа хараабатах,
                 Уота умуллубатах…
                 Үс күдэн туман күлүгэ
                 Үрэл гына түһэн баран,
                 Холоруктуу турар ортоку күлүгэр
                 Холбоһо-холбоһо үс аҥыы үрэл гынан,
                 Алтан аалыытын курдук
                 Адьырыс гынан ааһар эбит,
                 Көмүс аалыытын курдук
                 Дьэбидис гынан ааһар эбит…
                 Ону көрөн баран
                 Орто дойду улуу дуолана
                 Ортоку күлүгү
                 Самаҕын туорайыттан

40
   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45