Page 38 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 38

Тылбытын байытабыт

       Оппуоһун туттарбатах, оломун булларбатах — чычаас сирэ суох.
       Аҕыс тараҕай дьааҥыларын  — сыгынньах таас хайаларын.
       Тордуйалаах уу курдук  — туос иһиккэ кутуллубут уу курдук.
       Сотуун тириитэ соно  — көнньүнэн өлбүт кыыл, сүөһү тириитэ
  сон.
       Тоҕус уон тоҕус бууттаах — ыйааһын мээрэйэ, буут (нууч. пуд),
  биир буут уон алта киилэҕэ тэҥ.

                 5  .  Дьылҕа Тойон быһаарыытын
                 үс дьөһөлдьүттэр тиэрдиилэрэ

                      — Көр-бу!!! Көр-бу!!! Көр-бу!!!
                 Көҕөрөр күөх унаар урсуннаах
                 Киҥкиниир киэҥ халлаан
                 Киэбэ-киэлитэ кэдэлдьийэн эрэр,
                 Ойон тахсар күннээх,
                 Охтон баранар мастаах
                 Орто туруу дойду
                 Үрдүк мындаата,
                 Үтүө таһаата
                 Үгдэлийэн эрэр,
                 Алдьархайдах аллараа дойду
                 Аҕыс биттэхтээх алып хара таһаата
                 Атыйахтаах уу курдук айманан эрэр,
                 Үс биис ууһун
                 Үүнэр үтүө кэскилэ
                 Далай уутун курдук
                 Дьалкыллан эрэр…
                 Хол дойдуттан
                 Холоонноохтор холостохторо буолуо,
                 Тэгэл дойдуттан
                 Тэҥнээхтэр тиксистэхтэрэ буолуо,  —
                 Бу икки буор туруу дойдуга
                 Буулаҕаларын булларбат
                 Бухатыыр дьоннору
                 Биитэр эйэнэн икки аҥыы араарыахха,
                 Биитэр өһөгөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх төрдүгэр,
                 Уот Кудулу байҕал
                 Уорааннаах улаҕа өттүгэр утаартыахха,
                 Хаан Дьалыды байҕал

38
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43