Page 42 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 42

Иннигэр кэлэн,
                 Илиэһэй бэрдэ,
                 Адьарай ааттааҕа
                 Алтан аалыытын курдук
                 Адьырыс гына түстэ,
                 Көстүбэт сүрдээҕэ
                 Көмүс аалыытын курдук
                 Көҕөрүс гына түстэ…
                 Өһөгөйдөөх санаалаахтар,
                 Өһүөмньүлээх күтүрдэр
                 Өтөрүтэ түсүһэн
                 Өлөрсүбүтүнэн бардылар,
                 Хайа хайаҕа түспүтүн курдук
                 Хап гына хапсалларын аҕай кытта  —
                 Хантайар муос хабарҕаларыгар
                 Халлаан уот-оҕурук быата
                 Эриллэ түһээт,
                 Эҕирийиэх иннинэ
                 Икиэннэрин икки аҥыы
                 Иттэннэ охсон кэбистэ…
                 Охсуһуох дьон курдук
                 Ойон тура эккирээн,
                 Ордук уордайан,
                 Ордук уолуһуйан,
                 Абааһы уола буоллаҕына
                 «Айыы уола охтордо» диэн,
                 Айыы уола буоллаҕына,
                 «Абааһы уола охтордо» диэн,
                 Хардарыта балыссан,
                 Хааннара алдьанан,
                 Хаһыыра түһэн баран
                 Хардарыта түһүспүттэрэ —
                 Хабарҕаларыттан иҥнэн
                 Соһуйуу бөҕөнү соһуйан,
                 Сордоҥ балык курдук
                 Өттүктэрин таһынан
                 Өрүтэ мөхпүттэригэр,
                 Үрүҥ көмүс үөрэҕэстээх
                 Үс дьөһөлдьүт барахсаттар
                 Хаарбах иһиттии
                 Хайыта барыах курдук
                 Хар гына түстүлэр,

42
   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47