Page 37 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 37
Сата уотун быыһынан
Сарбаҥнас буоллулар…
Кини даа бэйэлээх буоллар
Киэргэнэн тахсыбыт таҥаһа
Тоҕута сынньыллан
Тохтон түстүлэр,
Хахай тириитэ хаалтыһа
Хайыта сынньылынна,
Сотуун тириитэ соно
Солуута суох сотулунна,
Сэттэ кэрэх тириитэ саҕынньахтааҕа
Сиритэ сынньыллан хаалла,
Көхсүгэр күлгэри ойуулаах
Көҕүс таҥастааҕа
Көтүрүтэ сынньылынна.
Тэгэл дойдуттан
Тэҥнээхтэр көрсөннөр
Тэмтэҥнэһэн бардылар,
Хол дойдуттан
Холоонноохтор көрсөннөр
Холлорунан-бууттарынан
Холоһо оонньоотулар…
Орулуур отут хонугу мэлдьи
Оройдорун үүтүн устун
Тоҕус уон тоҕус бууттаах
Чомпо сүллүгэстэринэн
Ойбоннуһа оонньообуттара
Оһол уола буолан орулаата,
Оройдорун үрдүнэн чугдаарда,
Илбис кыыһа буолан
Иннилэригэр-кэннилэригэр иэрийдэ,
Үксэ-дьүүлэ биллибэт
Өлүү дүбдүргэнэ буолла,
Ахса-аана биллибэт
Алдьархай аабылаана буолла,
Аан талҕа таҥнары сатыылаата,
Тоҕус дохсун холорук
Тоҕо ытыллан түстэ,
Түүнү-күнү быстарбакка
Түбүк-табык түбүлээтэ,
Дүрбүөн-дарбаан буолла,
Дүбдүр-дабдыр турда…
37