Page 41 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 41
Саба харбаан ылан,
Өрө мөхтөрбүтүнэн
Өттүгэр мииннэрэн,
Үөһүн таттаран
Үөгүлүү түһэн баран
Буор бурҕайыаҕынан,
Сир ньиргийиэҕинэн,
Сирэйэ дэлбэрийиэҕинэн
Дэриэспэ тааска
Дэлби бырахтаҕа…
Киһи эрэ буоллар
Кини бэйэлээх
Аҥаарыгар дылы
Аҥаар өттүн
Үлтү түһэн баран,
Үөһүн таттаран
Үллэҥнии-үллэҥнии,
Күөттээни ууһун
Күөтүн күөттээн
Көбүөхтэтэн эрэр курдук
Көбүөхтүү сыттаҕа…
Дьулусханнаах дьулуо маҕан халлаан
Дьураатыгар тура төрүөбүт
Дьулусхан субуйа сүүрүк
Дьураа хара аттаах
Дьулуруйар Ньургун Боотур обургу,
Орто дойду улуу дуолана,
Оччону көрөн баран
Отут болгуо чээрэтинэн оҥоһуллубут
Олуйа-молуйа ылы-чып быһыйатынан
Хантайар муос хабарҕатын
Хаба ортотунан
Хайа баттаабыта —
Өһөгөйдөөх үйэҕэ үөскээбит
Өһөх Харбыыр, Үс Күлүк обургу
Үс сиринэн үлтү ыстанан
Үрэл гына түһээт,
Уруккутунааҕар ордук
Уоҕурбукка дылы буолан,
Хараҕар хаахтаспытынан,
Хардары хапсыспытынан,
Илэ бэйэтинэн
41