Page 45 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 45
Таҥас бүтэй сардаҥаран көстөр
Талба нарын таманнаах,
Этиэхтэн кэрэ
Эт бүтэй
Уйула биллибэт,
Уҥуоҕа көстүбүт,
Уҥуох бүтэй
Силиитэ дьалкыйан
Саһара күндээрбит,
Хамчаакы хара саһылын
Хара көмүс кылаанын ылан
Суруйа охсубут курдук
Субурхай сурааһын хаастаах,
Килбиэннээх киис кыыл
Кэрэ түүтүн ылан
Кэккэлэппит курдук
Кылбалдьыйар кыламаннаах,
Чаҕыл-күлүм курдук
Чараас-чараастык чыпчылыйбыт,
Мичил-күлүм курдук
Миигэс-миигэстик мичилийбит,
Өркөн-төлөн курдук
Өгүрүк-төгүрүк көрбүт,
Кыталык курдук кынталдьыйбыт,
Куба курдук долгулдьуйбут,
Үөрэ-көтө мөндөлдьүйбүт,
Үөмэр-чүөмэр үктэммит,
Намчы-намчытык саҥарбыт,
Нарын-нарыннык ыллаабыт,
Уулаах отон уутунан
Суруйа соппут курдук
Уурбут-туппут уостаах,
Саҥардаҕын ахсын
Сардаҥаран көстөр
Сандаа чаҕыл
Лэчигир көмүс тиистээх,
Уоттаах кыһыл саһыл
Убайар кылаанын ылан
Ууран-тутан кээспит курдук
Икки тэтэгэр күлүм имнээх,
Тоҕус былас долгуйар суһуохтаах,
Кырдьыга даҕаны —
45