Page 46 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 46
Айыы хаан аймаҕар
Аатырыан аатырбыт,
Суол ахсын
Сураҕырыан сураҕырбыт,
Сүрэхтээх эрэ сүөдүйэн
Сүгүллүөн сүгүллүбүт,
Эттээх эрэ эймэнэн
Эккирэтиэн эккирэппит,
Көрүөхтэн эрэ
Көрө сүөргү,
Көстөр бэрт,
Кыыс оҕо
Кылааннаах үтүөтэ,
Дьахтар киһи
Наһаа бастыҥа —
Сайыҥҥы күнүм
Сардаҥатын курдук
Сандааран турар эбит,
Күһүҥҥү күнүм
Күлүмүн курдук
Күлүмүрдээн турар эбит…
Орто туруу дойду
Оройунан оонньуур
Улуу дуолана
Уһун сула батаһын
Умса туппутунан,
Кыһыл субай утахтаах
Кыырыктаах үҥүүтүн
Өрө туппутунан,
Сирэйиттэн-хараҕыттан
Сиэрэ уота сирдьигинээн,
Хараҕыттан-хааһыттан
Хатат уота саккыраан,
Өргөс кылаан курдук
Өрүтэ сахсан киирбитигэр —
Убайдаах балыстыы
Куйахалара күүрэн
Куттана быһыытыйан,
Эттэрэ салаһан
Эймэнэ быһыытыйан,
Олоруохтара баара дуо, —
Ойон тура эккирээн
Үс бараа хара күлүгэр
46