Page 50 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 50

Ньургун Боотур
                      — Көр-даа бу!!! Көр-даа бу!!!

                 Көрөҕүөт-көрбөккүөт,
                 Истэҕиэт-истибэккиэт?!!!
                 Айыы хаан аймаҕын
                 Араҥаччылыы киирэн бараммын,
                 Күн өркөн ууһун
                 Көмүскүү киирэн бараммын,
                 Ол үс күлэр ньүкэн
                 Түп гынар түптүрүгэр
                 Түптүрдэнэн сыппыт,
                 Хап гынар хаайыытыгар
                 Хаайыллан сыппыт,
                 Сырдыгы көрбөккө
                 Сыккырыыр тыыннара быстаары
                 Сытар барахсаттары,
                 Күннэрэ туллан,
                 Күһэҥэлэрэ быстан,
                 Көхсүлэрэ эрэ
                 Көбүөхтүү сытар дьону
                 Адьарай айаҕар
                 Анньан биэриэм кэриэтин,
                 Биир сымыыт ханна түһэн сытыйбатаҕай,
                 Биир уол ханна төрүөн өлбөтөҕөй?!!!
                 Өрүһүйэ киирэн баран
                 Өлөттөрүөм кэриэтин
                 Өллөрбүн өлүүм,
                 Умса түһэммин
                 Урусхал буолларбын буолуум…
                 Көхсүттэн тэһииннээх,
                 Көмүскэс сүрэхтээх
                 Күн өркөн ууһун
                 Күндү күөрэгэйэ,
                 Арҕаһыттан тэһииннээх,
                 Аһыныгас санаалаах
                 Ахтар айыы аймаҕын
                 Алтан далбарайа,
                 Туналҕаннаах ньуурдаах
                 Туйаарыма Куо, хотуой!
                 Ийэҥ-аҕаҥ икки
                 Иэримэ дьиэбит иһигэр
                 Көрдөр харахпыт дьүккэтэ,

50
   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55