Page 47 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 47

Үҥэн-сүктэн
Сүһүөхтээх бэйэлэрэ
Сүөдэлдьиспитинэн бардылар,
Урааҥхай улуу бэрдин
Уруйдуу турдулар…

Күн Дьирибинэ
— Урааҥхай саха
Улуу дуолан бухатыырыгар —
Уруй-айхал буоллун!
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕын
Араҥаччылыырга анаммыт,
Көхсүттэн тэһииннээх
Күн өркөн ууһун
Көмүскүүргэ оҥоһуулаах
Дьулусханнаах дьулуо маҕан халлаан
Дьураатыгар тура төрүөбүт
Дьулусхан субуйа сүүрүк
Дьураа хара аттаах
Дьулуруйар Ньургун Боотур убайбыт,  —
Үрдүк ааккар,
Үтүө сураххар,
Үс бараа хара күлүккэр
Үҥэн-сүктэн сүөдэлдьиһэн эрэбит,
Хоолдьуктаах бэйэбит
Хоҥкулдьуһан эрэбит…
Муҥурун булларбатах
Муус кудулу байҕал
Иччитэ буолан
Иэнигийэн үөскээбит
Уот Уһутаакы обургу
Үөһээ дойду үөмэн тиийбэт
Үрдүк ааттаахтарын,
Үтүө сололоохторун
Умсарыта охсон,
Урусхал оҥорон,
Уот оҕурук ап-чарай быатыгар
Лэчигирэччи тиһэн,
Түп гынар
Түптүрүгэр түһэрэрэ,
Хап гынар
Хаайыытыгар хаайара…

                                       47
   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52