Page 44 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 44

Тоҕус кырыылаах
                         Ньирилэ хаан оһоҕу
                         Лиҥкинэччи оттон
                         Тигинэтэн кээспит эбиттэр…
                         Хаҥас диэки өттүгэр
                         Хаҥсааттыы турар
                         Хаан дьааһын
                         Хаппахчы көһүннэ…
                         Күүстээх-уохтаах
                         Күөнэ көҕөччөр аттаах
                         Күн Дьирибинэ бухатыыр,
                         Туйаарыма Куо барахсан
                         Хандалы кэтэннэр
                         Хаан дьааһын хаппахчы айаҕар
                         Хараҕаланан олороллор эбит…
                         Арҕаһыттан тэһииннээх
                         Айыы хаан аймаҕын
                         Алыс аатыран айыллыбыт
                         Араҕас түөстээх
                         Алтан далбарайын,
                         Көхсүттэн тэһииннээх,
                         Көмүскэс сүрэхтээх
                         Күн өркөн ууһун
                         Күлүмүрдүүр дьүһүннээх
                         Күндү күөрэгэйин
                         Хайдах эбитий диэн
                         Хараҕынан көрбүтэ —
                         Көрүөхтэн көрө сүөргү
                         Көстөр бэрт,
                         Этиэхтэн кэрэ
                         Эттэр эриэкэс,
                         Киирэн эрэр күнүм
                         Килбиэнин курдук
                         Киһи көрбөтөх килбиэнэ көмүс
                         Икки
                         Килбиэннээх иэдэстээх,
                         Тоҕус өргөстөөх
                         Толомон маҕан күнүм
                         Туналҕанын курдук
                         Туналҕаннаах ньуурдаах,
                         Тахсан эрэр күнүм
                         Сардаҥатын курдук

44
   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49