Page 48 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 48

Ол иһин
                            Айыы хаан аймаҕа
                            Алдьанар быатыгар
                            Айыллыбыт эбит буоллахпыт,
                            Урааҥхай саха бииһэ
                            Урусхалланар быатыгар
                            Үөскээбит эбит буоллахпыт,  —
                            Үрүҥ күн сырдыгын,
                            Аан ийэ дайдыбыт
                            Араҕас далбарын
                            Ама аны кэлэн
                            Көрүөхпүт дуо диэн
                            Көҕүс түһэммит
                            Иккиэйэх бэйэбит
                            Иэһэр-туоһар этибит…
                            Билигин буоллаҕына,
                            Билбэтэхпитин билэн,
                            Көрбөтөхпүтүн көрөн,
                            Көхсүбүт кэҥээн,
                            Үөрэн-көтөн
                            Үрдүк ааккар,
                            Үтүө сураххар
                            Үҥэн-сүктэн эрэбит…
                            Аҕыс уон аҕыс
                            Ааһар албастаах
                            Адьарай аймаҕын
                            Аҥаарыйар ааттааҕа,
                            Тоҕус уон тоҕус
                            Куотар кубулҕаттаах
                            Илиэһэй бииһин
                            Илэ бэрдэ
                            Сүгүн-саҕын
                            Сүнньүн үүттэппэт
                            Сүдү киһи буолуоҕа,
                            Бука барыбыт
                            Буулаҕа моонньун
                            Мускуйарбыт буоллар,
                            Саба түһэн
                            Сараһын дьайын
                            Сахсыйарбыт буоллар
                            Торҕон уодьугана
                            Тутуллуо эбитэ дуу?!!!

48
   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53