Page 53 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 53
Тоҕус бэчээтинэй сири
Тобулу охсон түһэрин кытта,
Түөрт сүллэр этиҥ
Түспүтүн курдук
Дэриэспэ тыаһа
Дэлбэритэ ыстанна даа —
Урааҥхай саха
Улуу туйгуна,
Илэ бэйэтинэн
Иннилэригэр кэлэн,
Тоҥ буору
Тобугун ортотугар дылы
Тобулу үктээн
Дьорос гына түстэ…
Аҕаһа буолуохсут
Айхаллыы түстэ:
«Уо, кукаам,
Уордайбыккын уҕарыт,
Абарбыккын аралдьыт!
Аҕастарыҥ-эдьиийдэриҥ
Киһи буолар
Кэскилгин тэрийэн эрэллэр,
Саха буолар
Саргыгын салайан эрэллэр,
Хааҥҥын хамнатыма,
Харыаста санаама!» — диэтэ…
Онуоха өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ, —
Чолбон тойон кыыһа
Тоҕус тууспан кутаа уокка
Ойоҕо буолуохсуту
Илбис иҥмит
Имэҥнээх этин
Тоҕус салаалаах
Тордуох тимиринэн
Тоҕута сынньан,
Халыҥ тириитин
Хайыта тыытан,
Хара хаанын тоҕон эрэр эбит…
Кыыс Ньургун
Кыдьыктаах хаана
Кыһыл чиэрбэ буолан
Кыймаҥныы саккырыыр эбит,
53