Page 57 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 57
луруйар Ньургун Боотур», Эрилик Эристиин «Буура Дохсун», Күннүк
Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» диэн олоҥхолорун уонна Сергей
Васильев оҕолорго аналлаах «Эрчимэн Бэргэн», «Күн Эрили», «Үөлэн
Хардааччы», «Айыы Дьураҕастай» диэн тэттик суруйууларын норуот
айымньытыгар — олоҥхоҕо олоҕуран суруйбуттара.
П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур»
олоҥхотун тылбаастааһын
1970 сыллаахха Ленинград (Санкт-Петербург) куоракка «Мелодия»
фирма бу олоҥхону өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх артыыһа Г. Г. Колесов
толоруутугар 9 быластыыҥканан таһаарбыта. Онно киирии ыстатыйа
ны И. В. Пухов суруйбутун саха, нуучча, аангылыйа тылларыгар тыл-
баастаабыттара.
1975 сыллаахха В. В. Державин П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар
Ньург ун Боотурун» нууччалыы тылбаастаабыта. Кини, атын омуктар
эпостарын тылбаастаабыт үөрүйэҕинэн, олоҥхону тылыттан тылыгар
буолбакка, уус-уран тылбаас оҥорбута. Ол үлэ саха норуотун сүдү
айымньыта тас эйгэҕэ тахсыытыгар улахан суолталаммыта.
2013 сыл бүтүүтүгэр Лондон куоракка «Дьулуруйар Ньургун Боо
тур» олоҥхо аангылыйа тылынан бэчээттэнэн тахсыытын бэлиэтээһин
буолбута. Тылбааһы М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэ
дэр ээссийэлии үнүбэрсиэт омук тылын бакылтыатын айар бөлөҕө
оҥорбута.
Тыыннаах тыл
П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар үс
дойдуну ойуулуур уус-уран ньымалары тэҥнээҥ, маннык исхиэмэ-
ни туһаныаххытын сөп:
— тэҥнэбиллэри туттуу уратылара;
— Үөһээ, Орто, Аллараа дойдулары ойуулуурга куруук туттуллар
олук хоһооннору булуу.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
1. Аал Луук Маһынан түмэн, олоҥхо үс дойдутун ситимин
ойуулаан көрүҥ.
2. О лоҥхо кэрчигин өйгө тутар ньыманы тобулан толкуйдааҥ.
57