Page 59 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 59

САХА УУС-УРАН ЛИТЕРАТУРАТА

                АФАНАСИЙ ЯКОВЛЕВИЧ УВАРОВСКАЙ
                                      (1800—1861)

      А. Я. Уваровскай уонна кини «Ахтыылара»

    Ханнык баҕарар тылынан бастакы
айымньыны суруйбут киһи аата норуо­
тун устуоруйатыгар үйэ-саас тухары
мэ­ҥэ өйдөбүнньүк буолан хаалар.

    «Ахтыылар» диэн сахалыы тылынан
суруллубут маҥнайгы литературнай
айымньы ааптара А. Я.  Уваровскай
1800  сыллаахха Эдьигээҥҥэ төрөө­
бүтэ. Аҕата обер-эписиэр, ыспыраан­
ньык, омугунан нуучча, оттон ийэтэ
саха эти­лэр. Онон кини тымырыгар
икки омук итии хаана сүүрэрэ, кыра
сааһыттан икки омук тылын, култуу-
ратын, итэҕэ­лин инэринэн улааппыта.
5  сааһыттан ийэтин дойдутугар, Дьокуускай куорат аттыгар
Киллэмҥэ, кэлэн олохсуйбута. Манна оҕо сааһа ааспыта, кэ-
лин улаатан үлэһит да буолан баран, өр сыл устата олорбута.

    Ийэтэ Екатерина Егоровна уолун төрөөбүт ийэ тылын бары
баайыгар, эгэлгэ сиэдэрэй өттүгэр, уус-уран айымньытыгар
үөрэппитэ. Оттон сурукка-бичиккэ Афанасий дьиэтигэр эһэ-
титтэн үөрэммитэ. Кини үөрэммит бастакы кинигэлэринэн
нууччалыы суруллубут таҥара кинигэлэрэ буолбуттара.

    А. Я.  Уваровскай олорон ааспыт кэминэн нуучча улуу суру­
йааччыта А. С.  Пушкин үөлээннээҕэ этэ. Кини Саха сиригэр
көскө ыытыллыбыт декабристары, кинилэр ортолоругар Ры-­

                                                                                                                                      59
   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64