Page 61 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 61

Yc түөрд күн айаннаан баран биһиги тийдибит Алдан диэн
улахан өрүс кытыытыгар уҥа өттүтэн Учур диэн ааттаах өрүс
төрдө Алдаҥҥа түһэр туһугар. Манна Тоҥус балаҕаныгар тох-
туон истибиппит Учур төрдүттэн айанныах сирбитигэр уон көс
устатыгар сэттэ харыс хаар түспүт диэни, бу хаары хайтах
да хотон айанныахха түктэрии диэни. Бу тыл биһигини бэрд
санаа эрэйигэр укпута: төннүөхпүтүгэр хуолубут суоҕа, туҥ­
нуохпутугар арай биир сир баара. Бу сир төгүрүмтэтин ырааҕа
сүрбэ көс аахсыылааҕа. Оол гурдук туҥнуохпут да иһин ат
көлөбүтүн аһылык суоҕуттан кэбиһэн табаны мииниэх тустаах
баарбыт. Бу табаҕа ыырдыыларбыт аччаныах тустаахтара:
сэппитин хаалыах батарыах биир да хаабыт биир да иһип-
пит суоҕа. Бу кыһалҕаттан биһиги Учур устун бара сорунан
бу тохтуобут балаҕаммытыгар икки күн олорон хайыһардары
оҥостубуппут, икки босхо ат баарын аһатымна икки түүннээх
күҥҥэ баайан баран үһүс күнүгэр Алданы быһа тахсыбыппыт.
Учур бууһугар үктүүрбүтүн гытта хаар дириҥэ ат хардыытын
буойар буолбута.

    Биир сирдьит хайыһары кэтэн баран икки босхо ыырдыыта
суох аты иккиэннэрин сиэтэн бастаабыта. Бу икки ат улла-
рыһа өрө тура тура тибилээх хаары алдьатан испиттэрэ. Бу
аттар кэннилэриттэн биһиги бары көтөлбүтүн гытта субуруһан
испиппит бастыҥ аттар үктүөбүт хардыыларыттан улларыйы-
мыйа.

    (…)
    Учур өрүс икки өттө туруору таас хайа. Бу таас хайа тэл-
лэҕигэр чычырбас хаадьа тубэһэр кытыла үрдүк сулар хара
сыырдаах буолар. Бу хара сыырга ыырдыылаах ат хайтах да
сатаан тахсыбат. Бу туһуттан хонуох сирбит туһугар кэлэн ба-
ран бары ыырдыыбытын өрүс бууһун хаарыгар түһэрэрбит,
аттары биирдии биирдии сыыр үрдүгэр өрө тардан таһааран
хаһыыга ыытарбыт. Тыа хаарын халыҥыттан киннэр хотон
хаһымна хатыҥ биэтэр талах чыпчырхайын аһаан испиттэрэ.
    Бу буом хаары арыччы тахсарбытын гытта саҥа эрэй саҥа
тутулук көстүбүтэ. Тымныы уорунан Учур хайаларын уулара
ыгыллан киирэн уон ордуга икки үс сүөм халыҥ өрүс бууһун
көтөҕөн дэлби тыынан буус үрдүнэн сүрүгүрэ турар буолара.
Бу ууну атынан тобугар диэри кэһэрдэн айанныырбыт. Сорох
сиргэ бу халыйбыт уу хат тоҥон суолбутун көрүнэр таас кур-
дук килэҥ гынан кэбиһэрэ. Бу килэҥҥэ тимирэ суох ат таба
тирэммэт буолара. Бу туһуттан икки киһи сүгэлэринэн биэтэр
батыйаларынан кэрдэн хаты таһааран иһэллэрэ, бу киннэр

                                                                                                                                      61
   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66