Page 62 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 62

кэннилэриттэн супту сатыы айанныырбыт. Сорох сиргэ, учу-
гас сулар хара сыыр баар буоллаҕына, иччитэх хааҕа кууранах
буору биэтэр кумаҕы ылан бууска кутан ийэрбит. Түбэһэрэ
ханна эмиэ алҕаһанан буус хатыланымна биэтэр буор кутул-
лумна хаалара; манна уон ордуга алта сэттэ аппыт халтарыйан
дьим охтоллоро. Бу охтууларыгар ыырдыыбыт бары холбо-
руйан холуннуун хаҥхалыын бысталанан алдьанан хаалалла-
ра. Маны оҥосторбутугар айанныах күммүтүттэн улахан аҥара
ааһара. Бу суолбут устатыгар ааһарбыт дьикти хайалары: хайа
дьугдьуруттан кыһыҥҥы тымныы күүһүттэн уу ыгыллан тахсан
таҥнарыы сүрэн түһэн үрдүк хайаны үрдүттэн анныгар диэри
килбэркэй бууһунан сабара. Күн киирэри сандьылыйа түһэрин
сааҕына, былыта суох сааскы күн уота хайаҕа тыгара; бу үрдүк
буус хайа игин айылгылаах кустук курдук биэтэр күндүү уот-
таах таастарынан сабыллыбыт курдук көстөрө. Маннык хайа
анныгар мэлдьи уу өрүскэ тоҥумна сүрүгүрэ турар буолара.

    Учурга хаҥас өттүттэн туһэр Эгнэ диэн үрэх баар. Айан
дьоно курдаттаан бу үрэх устун сылдьаллар. Буус устар ый
баара, Эгнэ устун истэхпитинэ, биирдэ ыраахтан үрэх кытыы-
тыгар хамныыр хара көстүбүтэ. Маҥнай биһиги санаабыппыт,
кыыл диэн, учугаһаан кэлэн көрбүппүт Тоҥус ытыы олорорун.
Кини хуолу майгытынан туран үҥэн баран ытаабытын туһун
ыйыппыппытыгар кэпсиэбитэ:

    «Мин бэҕэһэ тыаҕа сылдьан биир сиргэ элбэх таба кыыл
суолун булбутум. Үтүөтүк үөрэн бу булуубуттан сотору кэр-
гэммэр төннүбүтүм. Манна саабын сэппин үчүгэйдик оҥостон
бэйэм сынньанан баран бөлүүн түүн ортотун кэриҥэр күнүс
сымнаабыт хаар үрдэ тоҥорун гытта ыппын сиэтэн хайыһар-
бын кэтэн көрбүт табалар суолларыгар кэлбитим. Манна икки
күөс быстыҥа таҥара сарыытын көһүтэн табах тардан баран
тыҥ хатыыта таба суола көстөрүн гытта ыппын ыытан кэбис-
питим. Бэйэм ытым кэнниттэн хайыһарбынан сүрэн испитим.
Көстөн ордук сири хайаттан хайаҕа үрэхтэн үрэххэ түһэн ис-
питим. Тоҥот хаарга таба атаҕын хаана көстөн барбыта, таба
сылайбыт сүрүүтэ бэлиэтэнэн испитэ, ытым ойуута арытта-
нан барбыта уһугар ытым үрэр саҥата иһиллэн испитэ: мин
табалары ситэрим көстөн турара. Эмискэ ытым саҥата өлөр
саҥатынан саҥара түспүтэ. Мин сүрэҕим хайа ыстаммытын
курдук куттаммытым. Мин сүрүүбүн эппитим, икки саа ытыы-
тын устатын кэриҥигэр көрбүтүм икки хааннаах куччугуй хара
сытарын. Оччоҕо, төһөҕө ытым улахан үөр табаны ситэн ыраас
үрүйэҕэ кииллэрэн күөйэн ыытымна турдаҕына, икки торҕон

  62
   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67