Page 64 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 64

алын мутукка олорор көтөргө илппитэ. Бу көтөр одулуу одулуу
мойнун ууннаран биэрбитэ, сирдьит туһаҕы баһыгар кэтэрдэн
таҥнарыы тардан түһэрбитэ. Бу ылан мойнун илиитинэн булгу
эрэйэн баран соол майгытынан сорохторун даҕаны барыла-­
рын биирдии биирдии соҕотох туһаҕынан ичигэстээн ылбы-
та. Бу көтөр аата Сахалы караакы, Нуччалы дикуша диэн.
Кини бочугурастаҕар улахан, эриэн улардаҕар куччугуй, түүтүн
эриэн­ э эриэн уларга майгылыыр. Быһыыта балай эрэ суон,
мойно кылгас, амтана улар амтанын курдук. Бу маннык көтөрү
мин Үт суолуттан атын сиргэ ханна да көрбөтөҕүм. Бу да сиргэ
бу көтөр бэрд арыттаахтык көстөр, таайдахха: кини сымнаҕас
майгытын билэн көтөр сүрэр да кыыл кинини аһылыктанан
баратар майгылаахтар.

    Бу Дьугдьуртан түһэн баран Үккэ тийиэхпитигэр диэри хас
киэһэ аайы хонор сирбитигэр үрэх хомотун булан биһиги бэ­
йэбитин гытта илдьэ иһэр үс кыл илимнэрбитин үтэрбит. Сар-
сын эрдэ бу илимнэрбитигэр буларбыт икки биэтэр үс балы-
гы хариус диэн. Бу балык биһиэхэ аһыырбытыгар бэрд көмө
буолбута: кини cyoҕa буоллар, биһиги соҕотох курупа хаһыны
хахсыйбыт арыыны гытта сиэн иһиэхпит этэ.

    Бу гурдук айаннаан биһиги тийбиппит сай ортотун кэриҥи-
гэр Үт диэн сиргэ.

           Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1.  7  кылааска А. Я.  Уваровскай «Ахтыыларыттан» билсибит
        олуктаргытыгар сахалар майгыларын «үтүө дьон бииґин
        ууґугар кытыарыллыах тустаахтар», «үтүө сүрэҕэ кү­лүгэ
        суох көстөр», «кырдьаҕас оҕонньордорун бэркэ ытык­тыыл-
        лар», «кыһалҕаны кытаатан уйарар холобура суох» диэн
        бэлиэтээһиннэрэ билигин аахпыт кэрчиктэргитигэр өссө
        ханнык үтүө өрүттэринэн ситэриллибиттэрий?

    2.  «Бу туһуттан икки киһи сүгэлэринэн биэтэр батыйаларынан
        кэрдэн хаты таһааран иһэллэрэ»,  — диэн айан ханнык тү­
        гэнигэр кэпсэнэрий, төһө сыралаах үлэний, айанньыттар
        туһунан тугу кэрэһилиирий?

    3.  Т  оҥус тоҕо ити курдук аймана ытын аһыйарый?

  64
   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69