Page 63 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 63

бөрө сыыр эниэтиттэн элийэн түһэн ыппын баһыттан кутуру-
гуттан хабан ылан биирдэ быһа тардан кэбиспиттэрэ. Табалар
бары бурай сарай буолан хаалбыттара.

    Ытым сэттис хаара баара. Сыл аҥардаах үнүгэһиттэн булка
сылдьан алта сылга миэхэ биир да аас күнү көрдөрбөтөҕө.
Суола эрэ көстүбүт улу кыыл таба кыыл киис атын да элбэх
булд мин өлөрөрбүттэн хуоппата. Миэхэ биэс миинэр таба-
ны биэрэн көрдүүллэрэ, мин уон да иһин биэрбэтим. Кинини
гытта мин баай баарым, билигин мин киһиттэн эрэ дьадаҥыы-
бын. Бэйэм билбэппин хайтах кэргэммэр көстүөхпүн: йахта-
рым оҕолорум кинини угуруу көһүтэллэрэ, билигин ытыылара
мин сүрэхпин сыппах быһаҕынан кириэтиэҕэ.

    Бу Тоҥуска туоҕунан да көмө буолуохпун күүһүм суоҕа, бу
туһуттан кинини кытаатыннаран баран, ааспыт төннүбэт тох-
тубут туолбат диэн, таҥараҕа эрэнэр туохтаҕар да бөҕө диэн,
бэйэм ыраата aйаннаабытым.

    (…)
    Саха сирдьиттэргэ кирдик хайаҕал бэриллиэх тустаах бу
хас атыллыы аайы көрсөр бэрд эрэйи биир да куһаҕан уор­
даах хааннарын көрдөрүмнэ тулуйалларын иһин соҕотох бар-
бах эрэйдэрин аҥардарыгар да тийбэт хамнас иһин.
    Манна тыл хоһоонугар этэн ааһыах тустаахпын. Сирдьит бу
күнү мэлдьи эрэйи бырыыны ууну куйаһы бырдаҕы күлэмэни
тигэччэни күүс үлэни гытта хара көлөһүнэ тахсыаҕар диэри
тустан баран хонор сиригэр түүн ортоҥҥо диэри аттара со­
йуохтарыгар диэри күнүс алдьаммыт аттарын сэптэрин бэйэ-
тин таҥаһын абрахтанар. Бу гэннэ аттарын атахтарын баайан
аһылыкка ыытан баран күөс быстыҥын аҥара утуйа утуйа ат-
тарын көрөр, маска иирбэтиннэр диэн, кыыл киннэри сиэ­
бэтин диэн. Киниэхэ утуйарыгар төгүрүк күҥҥэ хаалар икки
күөс быс­тыҥыттан ордук эрэ. Биир тылынан: сирдьит оннук
айаҥҥа сор суоллаах муҥнаах.
    (…)
    Биһиги тохтуобут сирбитигэр төннөн истэхпитинэ, миэхэ
саҥа урут билиллэ илик булд көстүбүтэ: ыппыт бастаан сүрэн
иһэн үргүппүт уонча сиргэ олорбут көтөрдөрө көтөн тахсан
биир намчычах хахыйах мутуктарыгар олорбуттара. Мин саам
хататын тыаһа тас гына түспүтэ, ытыам бэтэрэҕи өттүгэр ми­
йигин Саха сирдьит тохтотон эппитэ: «тойон! буораҕы сибинэ­
һи хоротума, бу көтөрдөрү биһиги илиибитинэн ылыахпыт».
Бу тылы этээт кини батыйатынан уһун ураҕаһы быһан ылан
мутугун ырастаан баран уһугар кыл туһаҕы баайан оргуйдук

                                                                                                                                      63
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68