Page 60 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 60
леев уонна Пушкин доҕордорун, романтик суруйааччыны, «По-
лярная звезда» альманаҕы таһаарбыт А. А. Бестужев‑Марлин-
скайы үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Биллэрин курдук, Бестужев‑Мар-
линскай Дьокуускайга 1827—1829 сс. сыылкаҕа олорбута.
Уваровскай саха дьонугар күүһэ-кыаҕа тиийэринэн көмөлө
һө сатыыра уонна кинилэри ис сүрэҕиттэн таптыыр буолан,
боростуой, кыра-хара норуот киниэхэ эмиэ оннук сыһыан-
наһара. Ол туһунан кини маннык суруйар: «…эр киһитэҕэр
буолуох бары Саха эмээхсинэ эдэр йахтара оҕото мийигин
киһи итэҕэйиэҕэ суоҕун курдук таптыылара».
Академик А. Ф. Миддендорф Отто Николаевичка бэйэтин
саха тылыгар сыһыаннаах матырыйаалларын биэрбитэ. Оччо-
тооҕуга саха тылынан дьарыктанар анал идэлээх киһи суоҕа,
ол иһин О. Н. Бётлингк, саха тылын интэриэһиргиир буолан,
бу тылы бэйэтэ чинчийэргэ быһаарыммыта уонна А. Я. Ува-
ровскайы кытта билсэн, киниттэн Саха сирин туһунан ахтыы-
ны, саха фольклорун холобурдарын сахалыы тылынан суру
йарыгар көрдөспүтэ. Кини Уваровскайы кытта сэттэ ый устата
бииргэ үлэлээбитэ, Афанасий Яковлевиһы бэйэтин учуута-
лынан, наставнигынан ааҕара.
«Ахтыылар» аан бастаан 1848 сыллаахха А. Ф. Миддендорф
«Сибиир хотугу уонна илиҥни өттүгэр айан» диэн кинигэти-
гэр сахалыы уонна немецтии тылларынан бэчээттэммиттэрэ.
Маны таһынан, бу кинигэҕэ Уваровскай олоҥхото, биир фин-
скэй руна тылбааһа, саха таабырыннара киирбиттэрэ. Онтон
ити матырыйааллар 1851 сыллаахха Санкт-Петербурга тахсы-
быт О. Н. Бётлингк «Сахалар тылларын туһунан» диэн фунда-
ментальнай үлэтигэр киирбиттэрэ.
Ю. И. Васильев‑Дьаргыстай
Ааҕыы, ырытыы
АХТЫЫЛАР
(быһа тардыылар)
Эдьигэнтэн аттанар күммэр оччотоҕу дьыл хуолутунан мин
төрүөбүт сирбиттэн биир хабах буору ылбытым, чүҥкүйэр
күммэр ууга булкуйан иһиэҕим диэн.
(…)
60