Page 56 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 56
Таас наҥнал таҥарам — намыһах таас таҥара.
Тойон кынныһах — уолга кэргэн ылбыт кыыһын аҕата.
Алтан араҕас туоналарыгар — көмүс дойдуларыгар.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. Олоҥхо киириитигэр этиллэр санааны салгыы сайыннаран
кэпсэтиһиҥ.
П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо
тугар аан дойду айыллыытын ойуулааһына ураты дириҥ
ис хоһоонноох, аҥаардас бу олукка да тирэҕирэн, саха ому-
га үйэлэрт эн үйэлэргэ бэриллэн кэлбит бөлүһүөктүүр өйө-
санаата олус мындырын, аан дойдуну анааран көрүүтэ
киэҥ далааһыннааҕын итэҕэйиэххэ сөп.
2. Орто дойду олоҕун булларыы туһунан олукка саха мифоло
гиятын кытта сибээстээх өйдөбүллэри булан наардааҥ.
3. Орто уонна Аллараа дойдулар олохтоохторун атааннаһыы
ларын дьиҥнээх төрүөтүн дьүүллэһиҥ.
4. Ньургун Боотур уонна Тимир Дьигистэй охсуһууларыттан
Аллараа дойду эмсэҕэлээһинин ойуулааһын уонна Дьылҕа
Тойон уурааҕын тиэрдээччи дьөһөлдьүттэр кэлиилэрин кэп
сиир түһүмэхтэргэ тирэҕирэн, олоҥхоҕо аан дойдуга суо
һуур иэдээннэр (катаклизм) хайдах быһаарыллар суолла
рын толкуйдааҥ, мөккүөргэ кыттыҥ.
5. Ньургун Боотур Туйаарыма Куону, Күн Дьирибинэни Уот
Уһутаакы хаайыытыттан босхолооһунун туһунан кэпсиир
олукка айыы бухатыырын ханнык тутаах өрүттэрэ арыл
ларый?
6. Кыыс Ньургун бухатыыры киһититии түһүмэҕэ олоҥхо сү
рүн идиэйэтигэр сыһыанын быһаарарга холонуҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
«Суруйааччы олоҥхоһут буолуон сөп дуо?» диэн мөккүөрдээх ыйы
тыы баар буолуон сөп. Ханна даҕаны айылҕаттан бэрдэриилээх, тыл
баайдаах киһи айар дьоҕурун халыыпка хаайбат, айар үлэ араас
көрүҥнэригэр холонон иһэр буоллаҕына, талаана тахсар. Ол курдук
оҕо эрдэхтэриттэн норуот уус-уран айымньытын эйгэтигэр иитиллэн
тахсыбыт саха бастыҥ суруйааччылара олоҥхоһут буолбуттара аҕы-
йаҕ а суох. П. А. Ойуунускай, С. С. Яковлев‑Эрилик Эристиин, В. М. Но-
виков‑Күннүк Уурастыырап, С. С. Васильев-Борогонскай дьоҥҥо-
сэргэҕэ биллибит, улаханнык кэрэхсэнэр олоҥхоһуттар этилэр.
Суруйааччы олоҥхото диэн өйдөбүл баар. П. А. Ойуунускай «Дьу-
56