Page 55 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 55

Сүрэҕэр куппута,
                 Сүһүөхтэрин оҕунуохтаабыта,  —
                 Эт оннугар
                 Эт үүммүтэ,
                 Суба оннугар
                 Суба тахсыбыта,
                 Хаан оннугар
                 Хаан тыкпыта…
                 Күн сиригэр
                 Көстүбэтэх үчүгэй
                 Көрө сүөргү дьахтар
                 Күлүмнээн сыппыта…
                 Уруккутугар холоотоххо —
                 Уонунан ордук быһыылаах…
                 Алта удаҕан
                 Айхал айхаллаан
                 Аччылаах тылларынан
                 Алгыс алҕаатылар…

      Тылбытын байытабыт

    Тоҕус бэчээтинэй сири — былыргы уста кээмэйэ: бэчээтинэй —
2  миэтэрэ.

    Тоҕус тууспан уот  — күүстээх уот.
    Кыдьыктаах хаана  — охсуһар-өлөрсөр хаана.
    Тыһы тыймыыт  — тыһы күлгэри.
    Аччылаах тылларынан  — арчылаах, үчүгэйи баҕарар тыл.

    П. А.  Ойуунускай улуу олоҥхотуттан сорох түһүмэхтэри билис­
тигит. Салгыы бэйэ ааҕыытыгар тыллары быһаарыы:

    Ньургун Боотур Уот Уһутаакылыын охсуһуута
    Алтан садаҕа моҕой — Уот Уһутаакы миинэр миҥэтэ, эриэн үөн
курдук кыыл.
    Олоочума  — дьиэҕэ кэтиллэр этэрбэс.
    Мэрипиэс тириитэ  — мифическэй кыыл тириитэ.
    Холлоҕос  — улахан тирии иһит.
    Байтаһын ынах баччаҕын саҕа  — түүлэри быһан ылыллыбыт
сүөһү миэстэтэ.
    Илбис кыыһа иэрийдэ, Оһол уола орулаата  — олоҥхоҕо ох-
суһууну-өлөрсүүнү күөртүүр абааһылар.
    Аһыылаах анаҕастаахтара  — суостаах, адьырҕа кыыл.

    Оҕо Тулаайах уонна Тимир Дыыбырдаан охсуһуулара
    Луо бээгэй оҕус  — кылгас атахтаах абааһы уолун оҕуһа.
    Туос тугулгах  — хатыҥ мас быстыбыт үөрэҕэһэ.

                                                                                                                                55
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60