Page 52 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 52

Ыраах дойдуттан
                          Ырыалаах ох курдук,
                          Быдан дойдуттан
                          Быыра ох курдук
                          Айаннаан кэлэммин
                          Алларыйдым быһыылаах,
                          Орулуур отут хонугу мэлдьи
                          Охсуһан көрдүм даа —
                          Уот Уһутаакы обургу
                          Уйадыйбытын билбэтим,
                          Үрүт күүһэ
                          Үгдэрийбитин көрбөтүм…
                          Хол дойдуттан
                          Холоонноохпор түбэстим,
                          Тэгил дойдуттан
                          Тэҥнээхпин көрүстүм,
                          Иккиттэн биирдэспит
                          Ииннэнэ илигинэ
                          Арахсыспат аллаахтар
                          Аалыстахпыт буолуо…

        Тылбытын байытабыт

       Оҕуй бараан ордуута  — олорор сирэ-дойдута.
       Хандалы — (нууч. кандалы), хаайыылаахха куоппатын диэн
  илиит­ игэр, атаҕар кэтэрдиллэр тимир.
       Хаан дьааһын хаппахчы  — манна: абааһы бухатыырын дьиэти-
  гэр хаайар сирэ.
       Көҕүс түһэммит  — санааҕа ыллараммыт.
       Иэһэр-туоһар этибит  — эрэйбитин этинэр этибит.
       Күннэрэ туллан, күһэҥэлэрэ быстан — манна: быста иэдэ­йэн,
  өлөргө тиийэн.
       Быыра ох курдук  — дьөлө көтөр ох курдук.
       Алларыйдым  — сылайдым, күүһүм эһиннэ.
       Үгдэрийбитин  — мөлтөөбүтүн.

                          7  .  Кыыс Ньургуну
                          абааһы майгытыттан
                          араарыы, киһититии

                              Улуу Кыыл
                          Умса охсуллан,
                          Аҕыс дьааҥы
                          Арҕаһын үрдүгэр

52
   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57