Page 49 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 49
Эн эрэ кыайбатаргын
Кини бэйэлээҕи
Ким кэлэн кыайыай?!!!
Кини бэйэлээх
Арыллыбатах аҕыс хос куйаҕын
Алдьатан арыйа баттаан,
Тоҕус хос кутуу куйаҕын
Тоҕута сынньан,
Силбиктээх илиитинэн
Сиһин үөһүн
Сиритэ харбаан,
Ким биһигини
Киһи-сүөһү оҥоруой?!!!
Хаһан даа харах симнэ
Харыс кэлиэ дуо, —
Ол кэриэтин
Охсуһан баран өлбүппүт
Ордук буолуоҕа…
Хап гынар
Хаайыытын алдьатан,
Түп гынар
Түптүрүн түөрэн,
Түөрт уон түөрт
Лөҥкү бухатыырдары
Төлө тардан күрүөххүн
Төһө-хачча буолуоҕай, — диэн,
Күүстээх-уохтаах
Күөнэ көҕөччөр аттаах
Күн Дьирибинэ бухатыыр
Сүбэ-саргы тардыһан
Сүгүрүйэн кэбистэҕэ…
Онуоха буоллаҕына
Орто дойду улуу дуолана
Сөбүлүү истибэтэ,
Сүрэҕэр түһэрбэтэ быһыылаах,
Киил мас курдук
Кинэччи таттаран,
Чоруун мас курдук чоноччу таттаран,
Чиҥ-чиҥник
Тыл-өс этэн, саҥа саҥаран
Сайгыһыта турбута үһү…
49